Норуот маастара Людмила Саввинова тус быыстапката аһылынна

Share

Саха сиригэр үрдүк үөрэхтээһин 90 сылынан уонна аҕам саастаах дьон дэкээдэлэригэр анаан 90 сааһын ахсынньы ыйга туолуохтаах норуот маастара, Намсыыр даачатын биир көхтөөх бэтэрээнэ Людмила Егоровна Саввинова тус быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Людмила Егоровна оҥоһуктарыгар аналлаах тэрээһин алтынньы 13 күнүгэр диэри Дьокуускайга «Симэх» галереятын дьиэтигэр буолуоҕа. Людмила Егоровна сахалыы көстүүмнэри, чаппараах көбүөрүн таһынан оҕуруот астарын, сибэккилэри хатаран тугу оҥорботоҕой диэбит курдук. Тарбаҕар талааннаах маастар дьахтар киэргэллэрин арааһыттан оҥорор ураты дьарыктаах.

Людмила Егоровна дэкээдэ кэмигэр маастар-кылааһы биэриэҕэ. Быыстапка аһыллыытыгар университекка үлэлээбит, даачаҕа олорор бэтэрээннэр, сиэннэрэ, чугас аймахтара, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун устудьуоннара истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Марта Николаева.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago