Норуот маастардара Владимир Путины өйүүллэр

Share

«Биһиги,  норуот маастардара Владимир Путини өйүүрбүтүн биллэрэбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх – 135 араас омук иллээхтик-эйэлээхтик олорор. Үгүс сыллар усталарыгар норуот хаһаайыстыбата, үөрэх, наука, култуура бары салаалара биһиги эрэгийиэммитигэр уонна дойдуга ситиһиилээхтик сайдаллар. Ол иһигэр Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут уус-уран дьарыктара эмиэ сайдар», — диэн норуот маастардара судаарыстыба баһылыгын өйүүллэрин биллэрдилэр.

Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Яна Игнатьева 2017 сыллаахха Йошкар-Ола куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн норуоттар икки ардыларынааҕы боппуруостарга сүбэ мунньахха кыттыбытын, онно дакылаат оҥорбутун туһунан кэпсээтэ. «Мин тус бэйэм Владимир Путины өйүүбүн, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута уонна сайдыыта кини аатын кытары быстыспат сибээстээхтэр», — диэн Яна Игнатьева эттэ.

Владимир Путин Уопсастыбаннай приемнайа Дьокуускай куоракка 2023 сыл ахсынньытыттан үлэлиир. Волонтердар олохтоох нэһилиэнньэ этиитин ылаллар, салгыы кинилэр Владимир Путиҥҥа туттараллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай приемнайга олохтоохтортон номнуо сүүстэн тахса этии киирдэ. Бэйэлэрин этиилэрин – уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна араас омук түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ бүтүн үлэ кэллэктииптэрэ киллэрдилэр.

Хаартыска Саха сирин норуоттарын ассамблеятыттан
What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

6 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

20 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

36 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

50 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

53 минуты ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago