Бу күннэргэ Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн саастаахтарга күннээҕи олоххо туһанарга олус туһалаах тэрээһин буолан ааста.
Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Мария Николаева бу курдук сырдатта:
-“Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр аҕам саастаах дьону түмэн, кулууп уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ куйаар ситимигэр наадалаах иһитиннэриини буларга, электроннай почтанан, социальнай ситимнэринэн үлэлииргэ уонна онлайн тиһигинэн харчы ыытарга үөрэттилэр.
Бастатан туран, кэлбит дьон бары нэһилиэк, кулууп “Телеграмм”, “ВК” ханаалларыгар суруттардылар. Онон бу күнтэн ыла сонуннары билэр, көрөр кыахтаннылар. Ол кэннэ “Телеграмм” нөҥүө видеонан саҥаран оҕолоругар, билэр дьонноругар эҕэрдэ ыытан эрчилиннилэр.
Судаарыстыбаннай өҥө нөҥүө наадалаах докумуоннары сакаастаатылар. Сорохтор хаартыскаҕа сурук суруйарга үөрэннилэр. “ВК-ҕа” хаартыска угары да сатаатылар. Онон бары кэлбит дьон аныгы технологияны баһылаан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кэлэр өттүгэр итинник үөрэтии былаан быһыытынан салҕаныаҕа.
Үөдэй нэһилиэгин аҕам саастаах дьоно аныгы үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыллар. “Сааһырдыбыт” диэн дьиэлэригэр бүгэн олорботтор. Саҥаны билэргэ бэлэмнэр, баҕалаахтар. Ол иһин “өссө кэлиэхпит” диэн тарҕастылар.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…