Ньурбачааҥҥа баһылыгы талыахтара
27.11.2024, 11:30
Хаартыска СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйаттан
Бөлөххө киир:
Ньурба улууһун «Ньурбачаан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбара ахсынньы 1 күнүгэр ананна диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэр.
Быыбары М.П. Егорова бэрэссэдээтэлээх 412 №-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа тэрийэн ыытыаҕа. Быыбарга икки хандьыдаат регистрацияланна – «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан уонна бэйэ туруорунуута.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Марина Егорова иһитиннэрбитинэн: «Сэтинньи 23 күнүттэн учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа быыбар күнүгэр регистрацияламмыт сирдэригэр суох буолан быыбардыыр учаастакка кыайан кэлбэт быыбардааччыларга болдьох иннинээҕи куоластааһын ыытыллар. Сэтинньи 26 күнүнээҕи туругунан учаастакка түөрт киһи кэлэн куоластаата».
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: