Ньурбаҕа эр киһини искэ быһаҕынан астылар
27.11.2024, 09:54
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр уон буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ диэн СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр.
Түөкүттэр өрөспүүбүлүкэ түөрт олохтооҕуттан барыта холбоон 22 мөл.солк. харчыны суйдаабыттар. Хара санаалаахтар «ФСБ үлэһитэбин, Энергосбыттан эрийэбин, криптовалюта атыылыыбын» диэн дьону албыннаабыттар.
Дьокуускайга эдэр киһи счетуттан 594 тыһ.солк. уорбуттар.
Ньурбаҕа 1986 с.т. эр киһи быһаҕынан искэ анньыллан балыыһаҕа киирдэ. Киин куоракка 1977 с.т. эр киһи доруобуйатын улаханнык эчэттилэр.
Дьокуускайга наркотигынан эргиммиттэрэ билиннэ.
Ленскэйгэ уонна Дьокуускайга сымыйа дааннайдардаах суоппар быраабын илдьэ сылдьыбыттарын быһаардылар.
Киһи өлүүлээх суол саахала бэлиэтэммэтэ.
Суукка иһигэр аһыы утаҕы испит үс суоппары туттулар.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: