Ньурмаҕаннар болдьох иннинэ куоластаатылар

Share

Бүгүн Нерюнгри улууһун Иенгра сэлиэнньэтин 388 №-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Туяна Колесова, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Ксения Ковалева уонна хамыыһыйа чилиэнэ Алена Колесова «Ньурмаҕан» эбэҥкилэр көһө сылдьар общинатыгар тиийэн болдьох иннинэ куоластааһыны ыыттылар. Бу община Иенграттан тэйиччи, уустук суоллаах-иистээх сиргэ көһө сылдьар.

Онон Нерюнгри улууһун территориятыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар бастакынан «Ньурмаҕан» 6 быыбардааччыта куоластаата диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.

Болдьох иннинэ куоластааһыны «Саха» НКИХ уонна «Индустрия Севера» маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэр аккредитацияламмыт бэрэстэбиитэллэрэ уһуллулар.

Итини сэргэ болдьох иннинэ куоластааһын хаамыытын көрө СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ Алла Самойлова уонна Евгений Рябченко сырыттылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago