Салгыы
Географическай-краеведческай биктэриинэ ыйытыктара (куонкурус)

Географическай-краеведческай биктэриинэ ыйытыктара (куонкурус)

Ааптар:
31.08.2023, 11:20
Хаартыска: Виктор Семенов.
Бөлөххө киир:

Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата тэриллибитэ 110 сыла туолуутугар аналлаах географическай-краеведческай биктэриинэ ыйытыктара.

Тэрийээччилэр: П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ.

Горнай улууһун кыраайы үөрэтээччилэр уопсастыбалара.

Болдьоҕо:  2023 с. балаҕан ыйын 17 күнүгэр диэри. Түмүгэ балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри тахсар.

1.Сиинэ саамай улахан салаата төһө уһуннааҕый?

2.Саһарҕа хоптото (розовая чайка) кыһын ханна кыстыырый?

3.Горнай улууһугар саамай намыһах сирдээх-уоттаах нэһилиэк?

4.Сиинэнэн аан маҥнай төрдүттэн баһыгар диэри ким устубутай, хаһан?

5.«Логос» диэн термини философияҕа ким аан бастаан киллэрбитэй?

6.Горнайтан Чымаадайга кимнээх үөрэммиттэрэй?

7.Сиинэҕэ «Песчаное» гидропост хас сыллаахха тэриллибитэй?

8.Ленаны аан маҥнай арыйбыт дьоннортон биирдэстэрэ, кимий? Хас сыллаахха устубутай, Дьокуускай куорат турар сиригэр диэри?

9.Кононов К.Е. география наукатын кандидата буоларыгар көмүскээбит диссертациятын аата.

10.Сиинэни аан маҥнай чинчийбит геологтары  төһө билэҕин. Хас сылардаахха чинчийбиттэрэй?

11.Мытаах нэһилиэгэр Бор күөлүн ким аан бастаан хорбутай, хас сыллаахха?

12.Саамай элбэх нэһилиэктээх улуус, хас нэһилиэктээҕий?

13.Саха сирин саамай дириҥ күөлэ, дириҥэ төһөнүй?

14.Сиинэ диэн туох ис хоһоонноох тылый? (гидроним быһыытынан)

15.Адмирал Колчак Дьокуускай куоракка ханнык мээрэйдээһини оҥорбутай?

16.Чароит диэн сэдэх минералы ханнык геолог арыйбытай, хас сыллаахха?

17.Сиинэ саҕаланар сирэ (исток) муора таһымыттан төһө үрдүккэ сытарый?

18.«Кинигэни ааҕар киһи тыһыынчанан олоҕу ааһар онтон аахпат киһи баара-суоҕа биири эрэ”? Бу ким эппитэй?

19.Өлүөнэ өрүс уһуна төһөнүй?  (саҥа дааннайынан).

20.Алдан куорат былыргы аата?

21.Россияҕа географ күнэ хас сыллаахха олохтоммутай?

22.Өлүөнэ өрүс саамай улахан хочото?

23.Эбээн Бытантай улууһа хас сыллаахха тэриллибитэй?

24.Сиинэ карьера хас сыллаахха тутуллубутай? (Мытаах Сиинэтигэр)

25.Саха сирин саамай үрдүк точката төһө үрдүктээҕий? (саҥа дааннайынан)

26.Үөһээ Халыма киинин ким арыйбытай, ханнык казак? Хас сыллаахха олохтообутай?

27.Кэбээйи улууһун аҕа уустарын ким төрүттээбитэй?

28. Горнай улууһун саамай үрдүк точката ханна баарый? Абсолютнай үрдүгэ төһөнүй?

29.Мытаах туһунан былыргы үһүйээни төһө билэҕин?

30.Мангазея казактара Ленаны хас сыллаахтан билбиттэрэй?

31.Аан дойду дьуоҕатын (знамятын) ким оҥорбутай?

32.Горнайга аан маҥнайгы турслет хас сыллаахха ыытыллыбытай?

33.«Сурук — киһи майгытын, дууһатын туругун сиэркилэтэ», бу ханнык народнай суруйааччы эппит этиитэй?

34.Саха сиригэр бастакы академик кимий? Хас сыллаахха академик буолбутай?

35.«Ойуун-это все!» -диэн ким эппитэй?

36.Горнай улууһугар «Харыйалаах» диэн заказник хас сыллаахха тэриллибитэй?

37.Сахалартан аан бастакы подводник (АПЛ-га). Кини кимий?

38.Горнайга туризмы төрүттээбит уонна салайбыт оскуола директордара (учууталлар).

39.Мытаахха академик А.Н.Осиповка сыһыаннаах Ытык сирдэр ааттара (Сиинэттэн ураты)

40.Мытаахха үлэлээбит тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Яковенко Д.П. (1912-1977) ханнык улахан арыйыыны оҥорбутай (селекцияҕа)

41.«Суруйааччыга үбүлүөй диэн-бастаан туран-саҥа кинигэлэр. Саҥа айымньылар эбээт» -Бу ханнык народнай суруйааччы кынаттаах этиитэй?

42.“Өлүөнэ остуолбалара» хас сыллаахха Арассыыйа национальнай паарката статуһун ылбытай?

43.В.В. Никифоров (Күлүмнүүр) адмирал Колчак приемыгар хас сыллаахха сылдьан турарый?

44.Саха сиригэр саамай кылгас сайыҥҥы күн (БМП) ханна бэлиэтэммитэй?

45.Саха ойууннарын ойууннуулларын ханнык воевода боппутай? Хас сыллаахха?

46.«Сенькин аатынан ледник» ханнык хайаҕа баарый? (В.Л.Сенькин)

47.«Илин» сурунаал хас сыллаахтан ыла тахсарый?

48.Суруктаах хайа петроглифтарын бүтэһигин ханнык археолог чинчийбитэй? Хас сыллаахха?

49.Геологтар, географтар, бары чинчийээччилэр сүрүн туттар девизтэрэ.

50. Спортивнай ориентирование төрөөбүт дойдутун билэҕин дуо? Хас сыллаахха ыытыллыбытай?

51.Саха сиригэр нефть саппааһа баара хас сыллаахтан биллибитэй?

52.“Саамай сүрүнү киһи хараҕынан буолбакка, сүрэҕинэн көрөр” – бу ким этиитэй?

53. Сиинэҕэ кыһыл кинигэҕэ киирбит ханнык эндемик сибэкки үүнэрий?

54.Сахалартан биир бастакынан 14 САЭ  кыттыылааҕа «Восток” станцияҕа кыстаабыт геофизик кимий?

55. Саха сирин географическай киинэ ханна баарый, ханнык улууска (географическай координаттара)

56.Сахалартан аан бастакы үрдүк үөрэхтээх географ кимий? Кини ханна үөрэммитэй, хас сыллаахха?

57.Саһарҕа хоптотун (розовая чайка) ким аан бастаан булан чинчийбитэй?

58.Семен Данилов көннөрү маллартан ордук тугу улахаҥҥа уурарый? (ордоророй)?

59.Маатта үрэх саамай улахан салаата?

60.Кэбээйи, Туобуйа,Дьиикимдэ диэн топомнимнар туох ис хоһоонноохторуй?

61.Асфальтит диэн минералы саха ханнык геолога Сиинэҕэ аан бастаан булан турарый (куурбут нефть)

62.«Тарыҥ» диэн сахалыы термини аан дойду географическай литературатыгар ким киллэрбитэй, ханнык айанньыт?

63.Нуучча биллилээх муоранан устааччыта вице-адмирал, Тиихэй океаны. Курильскай арыылары чинчийбит, 26 ый Японияҕа билиэҥҥэ олорбут кимий?

64.Витус Беринг быһаччы туруорсуутунан Дьокуускайга бастакы навигационнай оскуола хас сыллаахха арыллыбытай?

65.Эбэҥки тылын бастакы словарын ханнык политсыылынай оҥорбутай?

66.Үргэли нууччалыы туох дииллэрий?

67.Өймөкөөҥҥө аан бастакы метеорологическай станция хас сыллаахха арыллыбытай?

68.Транссибирскай магистраль төһө уһуннааҕый? (км.)

69.Ини-бии Даниловтары үөрэппит учуутал, Федоров М.К. кэнниттэн кимий? Аатын суолун толору суруйа5ыт. (ФИО)

70.Аан дойдуга саамай улуу ойуунун билэҕин дуо? (12 мутуктаах-халлааннаах) (ФИО).

71.Саха сиригэр саамай уһуннук губернаторынан үлэлээбит кимий?

72.«Велика и поразительна область география. Где найдутся предметы, сильнее говорящие юному воображению! Какая другая наука может быть прекрасна для детей, может быстрее возвысить поэзию младенческой души их». Бу ханнык нуучча биллэр суруйааччытын кынаттаах этиитэй?

73.Саха сиригэр саамай улахан күөл аата.

74.Саха сиригэр ханна саамай халыҥ хаар түспүтэй?

75.Революция иннигэр сахалартан ким нуучча ыраахтааҕытыгар үс төгүл бара сылдьыбытай?

Хаартыска: Виктор Семенов.

Биктэриинэ ааптара Парфенов Владимир Прокопьевич СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, Горнай улууһун Дьиикимдэ бөһүөлэгин олохтооҕо.

Эппиэттэргитин П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ berlib@listru   электроннай почтатыгар ыытыҥ. Билсэр нүөмэр: 89241689191 (Санникова Айталина Николаевна бибилэтиэкэр). Кыайыылаахтар П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ, Бэрдьигэстэээх кыраайы үөрэтэр түмэлэ, улуустааҕы кыраайы үөрэтээччилэр уопсастыбалара, спонсордар туруорбут анал дипломнарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланаллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: