Нуучча тылын билбэт миграннары депортациялыахтара
Госдуумаҕа нуучча тылын билбэт миграннары депортациялаар туһунан сокуон барыла киллэрилиннэ.
Бу күннэргэ Госдуума дьокутааттара омук киһитэ нуучча тылын билиитин туоһулуур сэртипикээтэ кырдьыга суох буолара билиннэҕинэ, миграннары бэйэлэрин суоттарыгар депортациялыыр туһунан сокуон барылын бэлэмнээтилэр. Маннык сокуон барылын парламеҥҥа ЛДПР баартыйа лидерэ Леонид Слуцкай салайааччылаах бэрэстэбиитэллэрэ киллэрдилэр. Ону кытта мигрант үбэ-харчыта тиийбэт буоллаҕына, дойдутун дипломатическай бэрэстэбиитэлинстибэтин эбэтэр консульскай тэрилтэтин суотугар депортациялыахтара.
«Биһиэхэ кэлии дьон култуурнай эйгэҕэ киирэргэ бэлэмнээх буолуохтаахтар. Манна нуучча тыла сүрүн суолталаах. Биһиэхэ үлэ ырыынагар ирдэниллэр исписэлиистэр наадалар эрээри, дойду култууратын, үгэстэрин өйдүүллэрэ, нуучча тылын үөрэтэллэрэ уонна дойдубут устуоруйатын билэллэрэ наадалаах», — диэтэ Госдуума дьокутата Владимир Сипягин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: