Оҕо дьонун түөкүттэртэн быыһаабыт

Share

Алтынньы 16 күнүгэр  киэһээ 21 ч.56 м. ИДьМ Хаҥаластааҕы отделыгар оҕо төлөпүөннээбит.

Кини дьоно кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэрин уонна билбэт дьонноругар харчы ыыппыттарын эппит. Ону истээт, чугастааҕы бөһүөлэккэ тута полиция учаскуобайа ыытыллыбыт. Кини онно тиийэн эмсэҕэлээччилэри кытары кэпсэппит.

Оҕо барахсан итинник төлөпүөннүү охсон, дьоно түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, улахан суумаҕа иэс киириэхтэрин тохтоппут.

Сиһилии кэпсээтэххэ маннык. Бэһис кылааска үөрэнэр оҕо барахсан ити күн дьоно хайдах эрэ уларыйан хаалбыттарын, туохтан эрэ наһаа долгуйбуттарын уонна сороҕор туохха эрэ мөккүһэллэрин истэн, болҕомтотугар ылбыт. Уолчаан өйдөөн истибитэ, аҕатыгар саарбах дьоннор төлөпүөннээбиттэр.

44 эр киһиэхэ аан бастаан суотабай сибээһигэр дуогабарын болдьоҕо бүппүтүн туһунан эрийэн эппиттэр, онтон «Госуслуги» сыһыарыытыгар тус кабинетын алдьаппыттарын уонна кини аатыттан билигин билбэт дьоно кирэдьиит ылан эрэллэрин туһунан иһитиннэрбиттэр. Баан үлэһиттэрэ аатыран эрийбит түөкүттэр бу дьону суолларын быһа түһэр наадатын «сүбэлээбиттэр». Бэйэтэ кирэдьиит ыла охсоругар уонна ол харчытын барытын «куттала суох счекка» ыытарыгар эппиттэр.

Ону истээт, уолчаан төрөппүттэрин тохтотон көрбүт, сыыһаны оҥорботторугар көрдөспүт. Ол гынан баран, төрөппүттэрэ оҕолорун тылын истибэтэхтэр уонна түөкүттэр счеттарыгар 175 тыһ. бэйэлэрин харчыларын ыыппыттар. Төрөппүттэрэ түөкүттэр ыйыыларынан-кэрдиилэринэн харчы ыыталларыттан уонна кирэдьиит ыла сатаан эрэллэриттэн куттанан, 11 саастаах уолчаан полицияҕа төлөпүөннээбит.

Итинэн уолчаан уонна полиция учаскуобайа бу дьон түөкүттэр счеттарыгар салгыы харчы ыыталларын тохтоппуттар.

Оскуола үөрэнээччитэ полиция үлэһитигэр түөкүттэр араас албастарын туһунан хаста да аахпытын уонна истибитин эппит.

ИДьМ Хаҥаластааҕы отдела уолчааны болҕомтолооҕун бэлиэтээн туран махтанарга быһаарыммыт.

СӨ ИДьМ саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
25
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 часов ago