Оҕо онкологиятын бары күүһү түмэн кыайыахха сөп

Share

Ыам ыйын 14 күнүгэр Саха сиригэр  онкологияҕа оҕо сулууспатын уопсастыбаннай сүрүннээччи Людмила Николаева  Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 нүөмэрдээх балыыһа-М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин онкологияҕа отделениетыгар сырытта.

Мэдиссиинэ национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков,  Педиатрия киинин дириэктэрэ Людмила Николаева уонна онкология отделениетын сэбиэдиссэйэ Елена Харабаева Людмила Валерьевнаҕа күннээҕи үлэ-хамнас  уонна эмтээһиҥҥэ ситиһиилэр тустарынан кэпсээтилэр.

Ол курдук, быйылгыттан ыла туһаныллар иммунотерапия аныгы ньымаларыттан биирдэстэрин —  электроннай помпаны билиһиннэрдилэр.

Уопсастыбаннай сүрүннээччи отделениеҕа сытан эмтэнэр оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин кытары сэһэргэстэ (үгүстэрин уруккуттан билэр) уонна түргэнник үтүөрэллэригэр баҕа санаатын тириэртэ.

 «Биһиги кэлэктииппит Людмила Валерьевнаҕа уонна Алмазэргиэнбааҥҥа эмтэниигэ киллэрэр улахан кылааттарын иһин олус махтанабыт. Чуолаан уопсай күүспүтүнэн, өйдөһүүнэн, истиҥ сыһыанынан биһиги киһини эрэннэрэр түмүктэри ылабыт”, — диэтэ  Станислав Жирков.

Санатан эттэххэ, маннык бииргэ үлэлээһин түмүгэр Саҥа дьыл саҕана  отделениеҕа анал кырабааттары атыылаһарга сэртипикээт бэлэхтээбиттэрэ.

Билигин отделениеҕа 25 оҕо  төрөппүттэрин кытары сытан эмтэнэр. Эмтэнии уһун болдьохтооҕун учуоттаан, эмтэнээччилэр уонна кинилэр чугас дьонноро бииргэ олороллоругар усулуобуйа тэриллэр.Онтон улуустан кэлбит ыарыһах оҕолор төрөппүттэрин гостицинаҕа олорор ороскуоттарын биисинэс-уопсастыбалар бэрэстэбиитэллэрэ төлүүллэр. Ону таһынан, Күннээх куоракка култуурунай-үөрэх тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онон оҕолор оскуола бырагырааматыттан хаалбаттар.

Ити курдук, сытыытык турар социальнай кыһалҕаны – оҕо онкологиятын судаарыстыба, уопсастыба уонна биисинэс бэрэстэбиитэллэрин холбоһуктаах күүстэринэн кыайыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Сэтинньиттэн ханнык сокуоннар күүстэригэр киирэллэрий?

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сэтинньи ыйтан дойду үрдүнэн ханнык саҥа сокуоннар күүһүгэр киирэллэрин санаттылар. Саҥа сокуоннар сэтинньи…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кыһыҥҥы билгэлэр

Сэтинньигэ номнуо үктэннибит. Тоһуттар тымныыбыт иһэрин кыралаан биллэрэн эрэр. Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонуктаах диэн…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха кыыһа Айыллаана Макарова «Царица» шоуга кыттыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, киэһэ  19:00 чаастан  «Пятница!» ханаалга «Царица» вокальнай шоуга Саха сириттэн Айыллаана…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин Тутууга миниистири бастакы солбуйааччы «Былааһы кытта кэпсэтии» араадьыйа эпииргэ тахсыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 1 күнүгэр, күнүс 13 ч.05 чаастан «Тэтим» НКИХ FM 107,1 долгунугар «Былааһы кытта…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эспиэр сэтинньи 1 күнүттэн биэнсийэ үрдүүрүн туһунан санатта

Сэтинньи 1 күнүттэн Эргиэн-бырамыысыланнай балаататын хаапыдыратын доцена, эспиэр Людмила Иванова-Швец этэринэн, сорох аҕам саастаахтарга биэнсийэ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри улууһугар суол саахала тахсыбыт

Саха сиригэр суукка иһигэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын ТГ-ханаала иһитиннэрэр.…

1 час ago