Оҕо төрөөтөҕүнэ дьиэ кэргэттэри өйүүргэ 3 миллиард солкуобай көрүлүннэ

Share

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр 2024 сылга оҕо төрөөһүнүн өйүүргэ  3 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрэр.

Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр төлөбүр суумата — 55 694 солкуобай (Арктика улуустарыгар) уонна 46 650 солкуобай (киин улуустарга).

Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын суумата — 189 114 солкуобай (оҕо 2019 сылга төрөөбүт буоллаҕына); 249 907 солкуобай (оҕо 2020 сылтан төрөөбүт буоллаҕына). 69 дьиэ кэргэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туһаннылар — суумата 300 тыһыынча солкуобай.

Бу сылга олунньу саҥатыгар диэри үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин хайысхатынан, номнуо 94 дьиэ кэргэн бастакы оҕолоро төрөөбүтүгэр төлөбүрү ыллылар. 65 дьиэ кэргэн эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын туһаннылар. 

Маны тэҥэ, ыаллар үһүс оҕолоро 3 сааһын туолуор диэри урут анаммыт ыйдааҕы төлөбүрдэрин ыла сылдьаллар. 2023 сылтан бу көмө Биир кэлим босуобуйа иһигэр киирбитэ, онон билигин Социальнай пуонда төлүүр. Былырыыҥҥыттан ыла кыра дохуоттаах ыаллар хаһыс да оҕолоро буоллун, судаарыстыбаттан көмө ылар кыахтаахтар, — диэн миниистир эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Доруобуйа туругун быһаарар үлэ тупсарыллар

Байыаннай сулууспаҕа талыы кэлим киинигэр хантарааҕынан сулууспалыы барыан баҕалаах дьон доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээһин үлэтэ тупсарыллар.…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Көмүөл Нам улууһугар чугаһаата

Өлүөнэ өрүскэ муус Кангаласс бөһүөлэгин аттынан хамсаата уонна Нам улууһун сиригэр-уотугар чугаһаан эрэр диэн Гражданскай…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Зырянка бөһүөлэгиттэн дьону көһөрүөхтэрэ

Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн, вице-премьер Дмитрий Садовников Халыма өрүскэ уу таһыма үрдээн…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Дойду үрдүнэн маннык бэлиэ баара-суоҕа 400 эрэ баара»

Волгоград анныгар Саха сириттэн буойун уҥуоҕун уонна сэдэх түөскэ кэтиллэр бэлиэни буллулар. Волгоградскай уобалас Городищенскай…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэҕэ Боломуочунайдар бырааптара кэҥиэҕэ

Бу күннэргэ Ил Түмэн көрүүтүгэр киирбит сокуон барылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатыгар…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Анаабыр улууһун урукку баһылыгын 14 сылга көҥүлүн быстылар

Саха сиринээҕи ураты суолталаах дьыалалары силиэстийэлиир иккис отдела хомуйбут матырыйаалларынан, Анаабыр улууһун урукку баһылыгар буруйдуур…

1 час ago