Салгыы
Оҕолор сир аргыһын оҥороллор

Оҕолор сир аргыһын оҥороллор

12.04.2024, 09:00
Хаартыскалар   Юрий Романов  тус архыыбыттан туһанылыннылар
Бөлөххө киир:

Академик В.П. Ларионов аатынан Физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй учуутала, ону таһынан, «Кванториум» диэн оҕолор технопааркаларын  уһуйааччыта, К.Э.Циолковскай аатынан Арассыыйа космическай академиятын Илиҥҥи филиалын чилиэнэ Юрий Николаевич Романов Космонавтика күнүн көрсө үлэтин-хамнаһын сырдатта.

СИТИҺИИЛЭЭХ ОҔОЛОР

– “Кванториум” иһинэн үлэлиир “Космоквантум” диэн куруһуокка сыл устата космическай үөрэхтээһин чэрчитинэн араас хайысхалаах үлэ ыытыллар. Оҕолор куруһуок­ка дьарыктарын таһынан, араас научнай кэмпириэнсиэйэлэргэ уонна косми­ческай хайысхалаах күрэхтэргэ кытталлар. Ол курдук, хас да оҕо В.П.Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” диэн научнай-практическай кэмпириэн­сийэҕэ кыттыбыта. Холобур, Алексеева аатынан лис­сиэй 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Айсен Данилов куйаар араас эттиктэрин магнитнай полеларын ханнык ньыманы туттан чинчийиэххэ сөбүй диэн тиэмэҕэ чинчийии оҥорбутун дакылаакка сырдаппыта. ФТЛ 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Артем Мардин билиҥҥи кэмҥэ киэҥник тэнийэн эрэр  олус кыракый космическай аппараат төһө элбэх элэктэрии­чэстибэни сиирин мындырдык суоттаан, быһааран, чинчи­йэн көрбүтүн туһунан кэпсээбитэ. Кини Тайваньҥа ыытыллыбыт аан дойду таһым­наах научнай кэмпириэнси­йэҕэ уонна “Высший пилотаж” диэн дойдубут үрдүнэн ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ ситиһии­лээхтик кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ. 

СПУТНИГЫ КӨТҮТТҮЛЭР

Соторутааҕыта Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятын баазатыгар “КосмоМания” диэн космическай оскуола ыытыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан оҕолор кэлэн хас да бөлөххө арахсан ку­­йаары үөрэтии араас хайыс­халарын кытта билсибиттэрэ. Космофизика институтун үлэһиттэрэ куйаар аллараа араҥатын хайдах чинчи­йэр туһунан көрдөрбүттэрэ. Оттон ХИФУ преподавателлэрэ сири куйаартан устуу ньымаларын туһунан кэпсээбиттэрэ уонна үөһээттэн түһэриилэри хайдах ааҕарга үөрэппиттэрэ. М.Ф.Решетнев аатынан университет преподавателлэрэ биһиги уонна Кытай оҕолорун стратосфернай диэн ааттаах спутнигы таҥарга уонна бырагыраамалыырга үөрэппиттэрэ. Оттон мин «Кванториум» аатыттан дьоҕус аракыата оҥорон көтүтэргэ үөрэппитим. 

Муус устар 1 күнүгэр бэлиэ күн буолан ааспыта. Бу күн оҕолор бэйэлэрэ илиилэринэн хомуйан оҥорбут, таҥмыт спутниктара 32 км үрдүккэ көтөн тахсан баран, сиргэ төттөрү алдьаммакка-кээһэммэккэ төннүбүтэ. Оҕолор сир аргыһын оҥорууга улахан уопут уонна билии ыллылар. Даҕатан эттэххэ, Билим дьоҕус академията, ректор В.К.Павлов, эһиилги сылга космическай уонна инженернэй үөрэхтээһини көҕүлүүр, күөртүүр сыал­лаах куосумас куйаарыгар дьоҕус сир аргыһын таһаарарга үлэ ыыта сылдьар. Бу сир аргыһа академия бэйэтэ иитэн-така­йан таһаарбыт оҕолоро, араас сирдэргэ үөрэнэр устудьуоннар күүстэринэн оҥоһулла сылдьар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: