СИА хаартыската.
Оҕолорго кырыктаах сыһыаннаах Майа олохтооҕор холуобунай дьыала тэриллибит.
Ол курдук эр киһи 9 уонна 15 саастаах оҕолордоох дьахтары кытта олорон, оҕолорго илиитинэн киирэр, кырбыыр эбит. Бу иэдээннээх быһыы туһунан олохтоох участковайга иһиллибит. Сурах чахчытын билээри, кини бэрэбиркэлииргэ санаммыт. Хомойуох иһин, оҕолор куруук кырыктаах киһиттэн атаҕастана олорбуттар. СӨ силиэстийэлиир управлениета 31 саастаах эр киһиэхэ РФ холуобунай кодексатын 117 ыст 2 ч «г» пуунунан сааһын ситэ илик оҕолору, көмүскэллэрэ суоҕунан туһанан атаҕастааһын иһин холуобунай дьыала тэрийбит. Билиҥҥи туругунан, бу холуобунай дьыала тула силиэстийэ ыытыллар. Эмсэҕэлээбит оҕолор чөлгө түһэрэр кииҥҥэ киллэриллибиттэр, кинилэргэ уйулҕа өттүнэн көмө оҥоһуллар диэн СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин СУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …