Салгыы
Оҕолору таһар «ньээньэлэр»

Оҕолору таһар «ньээньэлэр»

10.09.2023, 15:00
Хаартыска: Николаевтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа, үөрэх дьыла саҕаланна. Ону кытта ыалларга түбүк-садьык эбиллэ түстэ. Кыстыкка бэлэмнэниини, хаһаайыстыбанан дьарыктаныыны сэргэ, оҕолору уһуйааҥҥа, оскуолаҕа таһыы, таҥастарын-саптарын бэрийии түбүгэ төрөппүттэргэ сүктэриллэр.

Сыллата куоракка олорор, үлэлиир төрөппүттэр оҕолорун оскуолаҕа, уһуйааҥҥа таһалларыгар кыһалҕалары көрсөллөр. Бэйэтэ массыыналаах да буоллаҕына, оҕону төттөрү-­таары таһарга, куруһуоктарга илдьэргэ сырыы аайы үлэтиттэн көҥүллэтэрэ уустуктардаах. Оттон таксыынан ыытар буоллахха, хайдах таксыыс кэлэрэ, хайдах айанныыра эмиэ сэрэхтээх курдук.

Розалия, Артем Николаевтар эмиэ бу маннык кыһалҕаны көрсөллөр этэ. Кинилэр үс оҕолоохтор: улахан уоллара быйыл оскуоланы бүтэрдэ, устудьуон буолла, улахан кыыстара 9-с кылааска киирдэ, кыра кыыстара 6 саастаах.

Артем бэйэтэ Ньурбаттан төрүттээх, алмааһы кырыылааччы идэлээх, онтон эр­­гиэнинэн дьарыктанар урбаан­ньыт буолбута. Пандемия саҕаланыар диэри маҕаһыын арынан, бэркэ үлэлэтэн кэлбитэ.

Кэргэнэ Розалия атыыһыт идэлээх, онтон менеджер идэтин ылан, бааҥҥа үлэлээбитэ. Билигин бэйэтэ сөбүлээн, биэл­сэр идэтигэр үөрэнэ сылдьар.

Николаевтар 2005 сыллаахха ыал буолбуттара. Утуу-субуу оҕолонон, дьиэлэнэн, эдэр ыал сиэринэн, кыһалҕалары да, ситиһиилэри да билэн, харыларын күүһүнэн, өйдөрүн-санааларын кыаҕынан үлэлээн-хамсаан олорбуттара. 2014 сыллаах­ха куоракка көһөн кэлбиттэрэ.

Буоларын курдук, оҕону таһыыга ордук кыһалҕалары көрсөллөрө. Ол саҕана куоракка маннык өҥө суоҕа. Кыыстара 1-кы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Ыал ийэтэ, төһө да хат буоллар, ол туһуттан массыына ыытарга үөрэммитэ уонна оҕолорун бэйэтэ таһар буолбута. Үс сыл оннук сылдьан баран, бу кыһалҕа төрөппүттэри барыларын таарыйар, сытыытык турар эбит диэн, оҕону таһар “автоньээнньэ” быһыытынан үлэлээн барбыта.

Хаартыска: А.Николаев тиксэриитэ.

ТАБЫГАСТААХ ӨҤӨ

Ол 2019 сыллаахха этэ. Розалия бэйэтэ элбэх оҕолоох ийэ буолан, төрөппүттэр киниэ­хэ саамай күндүлэрин – оҕолорун итэҕэйэн, эрэнэн ыыталлара. “Ньээнньэ” оҕону кыбартыыраттан ылар, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа киллэрэн биэрэр, айанныы сылдьан эйэҕэстик кэпсэтэр-ипсэтэр. Онтон үөрэнэн бүттэҕинэ, оскуолаттан ылан, дьиэтигэр илдьэн биэрэр.

Биирдэ хойутаан хаалбыт кыысчаан ытыы олорорун уоскутан, баттаҕын өрөн, аһатан, илдьэн биэрбиттээх. Табыгастаах өҥө буолбатах дуо?

Атын төрөппүттэр истиһэн, сакаас элбээн барбыта. Төлөпүөнүн бэйэ-бэйэлэригэр бэрсиһэллэрэ. Оҕолорун күн аайы, сылы быһа тастарар ыаллар бааллара. Онон са­­каас наһаа элбээн, өссө ийэлэри булан, хас да буолан үлэлээбиттэрэ. «Ньээнньэлэр»  бары «Тетя Маша», «Тетя Роза» диэн ааттаахтар.

Салгыы кэҥиир, сайдар туһуттан кэргэнэ кыттыһан, бииргэ үлэлээн барбыттара. Былырыыҥҥыттан анал мобильнай сыһыарыы наадатын өйдөөн, алтынньыга оҥорор дьону булан, сэтинньигэ оҥоһуллан бүппүтэ. Онтон боруобалаан көрбүттэрэ, ситэрэн-хоторон биэрбиттэрэ.

2023 сыл тохсунньутуттан Саха сиригэр “Автоняня” диэн мобильнай сыһыарыы үлэ­­лиир. Сыһыарыылар маҕаһыыннарыгар – Playmarket-ка уонна AppStore таһаарбыттарын кэннэ, атын эрэгийиэннэртэн, дойдулартан суруйар буолбуттара. Бэл, Африкаттан “Биһиги дойдубутугар тоҕо үлэлээбэтий?” диэн сурук кэлбиттээх.

Хаартыскаҕа: "автоньээнньэлэр -- эдэр ийэлэр"

“АВТОНЯНЯ” – МОСКВАҔА, СОЧИГА

Урбаанньыт ситиһиллибитинэн тохтоон хаалбат идэлээх. Күн бүгүн “Автоняня” филиаллара 16 куоракка аһыллан үлэлииллэр. Ол курдук, Сочи, Москва, Калининград, Новосибирскай, Магнитогорскай, Хабаровскай, Екатеринбург, Улан-Удэ, Иркутскай, о.д.а. куораттарга сахалар айбыт “Автоняня” сыһыарыыларын франшизатын атыылаһан, үлэлэтэллэр.

Саха сиригэр Мииринэй, Нерюнгри, Бүлүү, Ньурба, Покровскай куораттарга, Сунтаар улууһугар бааллар. Франшизаны атын эрэгийиэннэргэ атыылыыр буоллахтарына, Саха сиригэр дьарыктаныан баҕарар урбаанньыкка босхо биэрэллэр эбит. Филиалларын барыларын үөрэтэллэр, үлэлэрин хонтуруоллуу олороллор. Кинилэр сакаастан киирбит хамыыһыйа харчытын ылаллар.

Соторутааҕыта сыалларын ситиһэн, социальнай урбаанньыт статуһун ылбыттара.

ИРДЭБИЛ КЫТААНАХ

Билигин Дьокуускайга сүүстэн тахса суоппар “ньээнньэ” быһыытынан үлэлиир. Үксүлэрэ – ийэлэр. Суоппардарга кытаанах ирдэбиллэр бааллар – сууттамматах, учуокка турбатах, наркологтан, психиатртан ыспы­раапкалаах, улахан иэһэ-күүһэ суох буолуохтаах. ИДьМ сис­тиэмэтинэн бэрэбиэркэлииллэр. Маннык кытаанах ирдэбиллэртэн мээнэ кэлбит киһи тута аккаастанар, оттон баҕа­лаахтар докумуоннарын хомуйан аҕалаллар.

Массыына ыраас, оҕоҕо аналлаах кириэһилэлээх, анал курдаах буолуохтаах. Наһаа эргэ, алдьаммыт буолуо суохтаах. Ол да иһин төрөппүттэр оҕолорун эрэнэн ыытар буоллахтара.
3000 кэриҥэ бастайааннай килийиэннэрдээхтэр. 2019 сылтан сакаастыыр төрөппүттэр бааллар – билигин кинилэр кып-кыра оҕолоро номнуо ­улааппыттар.

Күҥҥэ 300-чэ сакаас киирэр. Сайын, биллэн турар, сакаас аҕыйыыр. Ол иһин оҕолору эрэ буолбакка, көннөрү пассажирдары эмиэ таһаллар, тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан үлэлииллэр.

Хаартыска: "Мои документы".

ТУТА САКААС СУОХ

“Автоняня” биир уратыта диэн – тута сакаас суоҕун кэриэтэ. Хаһан айанныахтарын баҕаралларын, аадырыстарын эрдэттэн суруйаллар, суоппардар ол сакааһы ылаллар. Бу барыта сыһыарыыга көстөр. Сороҕор ый инниттэн күн аайы сакаастарын суруйбут буолаллар. Өскөтүн суоппардар биир эбит сакааһы ылбатах буоллахтарына, көмөҕө дьуһуурунай массыына сүүрэр, кини маннык ыксаллаах сакаастары ылар.

Сыананы сакаасчыт буол­бакка, бырагыраама туруорар. Күн-дьыл туругуттан, са­­каас элбэҕиттэн, “пробкалартан” тутулуктанан, сыана халбаҥныан, үрдүөн сөп, – диэн Артем кэпсиир.

Хаартыска: А.Николаев.

САХАЛЫЫ ИИТИИ

Николаевтар оҕолорун сахалыы иитэллэр. Дьиэҕэ ха­­йаан да сахалыы кэпсэтэбит диэн ирдэбиллээхтэр. Сахалыы оскуола суох буолан, улахаттара нууччалыы кылааска үөрэммиттэрэ. Ол да буоллар, сахалыы саҥараллар, ааҕаллар-суруйаллар. Гаджеттары тутталларын боппоттор эрээри, кэминэн хааччахтыыллар.

Саха ыалын сиэринэн, айылҕаҕа сылдьалларын, сир аһын хомуйалларын сөбүлүүллэр. Доҕотторун, аймахтарын кытта Ньукуолуҥҥа хайаан да тахсаллар, Саҥа дьылы көрсөллөр. Айылҕаҕа сылдьан, сахалыы үгэстэри, сиэри-туому хайаан да тутуһаллар.

Оҕолор кыраларыттан сайын аайы тыа сиригэр баран сайылыыллар. Эбээ-эһээ лааҕырыгар сылдьан, окко үлэлээн, тарбыйах аһатан, күөххэ сүүрэн-көтөн, оонньоон, тыа сирин таптыыр буолан кэлэллэр.

– Тыа сиригэр барбат саас­тыылаахтарыттан букатын атын буолаллар эбит. Үлэҕэ сыстаҕастара, тутталлара-хапталлара да букатын атын буолар. Тыа сиригэр баран, оҕо олоххо бэлэмнээх, тобуллаҕас өйдөөх, элбэҕи сатыыр буолар дии саныыбын, – диэн этэр аҕалара.

Бу курдук, кыһалҕаны тобулан, дьоҥҥо туһалаах дьиэ кэргэн  биисинэһин тэриммит, социальнай урбаанньыт быһыытынан үлэлиир эдэр ыал күннэтэ сайдар, үөрэнэр, инники диэки хардыылыыр, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: