Сокуоннай саастарын туола илик оҕолору уонна 23-гэр диэри саастаах устудьуоннары иитэр биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэригэр эбии төлөбүрү ылар бырааптаахтар. Саха сиригэр 33 734 киһи бу маннык эбии төлөбүрү ылар. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Марина Герман брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
— Төлөбүр кырдьар сааһынан, эбэтэр, инбэлиитинэн страховой биэнсийэни ылар, үлэлиир да, үлэлээбэт да биэнсийэлээхтэргэ бэриллэр. Бу эбии төлөбүр суумата — страховой биэнсийэ бигэргэтиллибит төлөбүрүн үс гыммыт биирин ылар. 2025 сылга бу төлөбүр биир оҕоҕо 2969 солкуобайга, икки оҕоҕо 5 938 солкуобайга, үс оҕоҕо 8 907 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу суумаҕа биэнсийэлээх олорор сиринэн, оройуон коэффициена эбиллэр. Эбии төлөбүр үстэн элбэҕэ суох оҕоҕо көрүллэр, — диэн Марина Герман эттэ.
Иитиллээччи ахсааныгар төрөппүт уонна иитэ ылыллыбыт оҕолор эрэ буолбакка, биэнсийэлээхтэр сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, бэл балыстара-бырааттара киириэхтэрин сөп. Бу оҕолор үлэлиир кыахтаах төрөппүтэ суох буоллахтарына эрэ, биэнсийэлээххэ эбии төлөбүр көрүллэр. Оҕо 18 сааһыгар диэри үөрэнэриттэн-үөрэмэтиттэн тутулуга суох ананар. Онтон оҕо күнүскү үөрэххэ киирэн үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааһыгар диэри, төлөнөр.
Устудьуон үөрэҕиттэн уурайдаҕына, эбэтэр, кэтэхтэн үөрэххэ көстөҕүнэ, бу төлөбүр тохтуур. Академическай уоппуска ылбыт буоллаҕына, төлөбүр салҕанар. Устудьуон бэйэтэ үлэлиир, официальнай хамнастаах буоллаҕына, иитиллээччи (иждивенец) буолан бүтэр.
Маны тэҥэ, биэнсийэлээх төрөппүттэр инбэлиит оҕолоро 18 сааһын туола илигинэ инбэлиитинэн билиниллибит буоллаҕына, 23 сааһын ааспытын да кэннэ, эбии төлөбүрү ылаллар.
Эбии төлөбүрү ыларга Социальнай пуонда салаатыгар тиийэн, эбэтэр, «Госуслуги» портал нөҥүө сайаапка бэриллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: