Оҕону көрдөрөргө табыгастаах сыһыарыы оҥоһулунна

Share

“Якутия” технопаарка резиденэ “Под присмотром” диэн мобильнай сыһыарыыны оҥорон таһаарда. Бу оҕолору быстах кэмҥэ көрдөрөргө ньээҥкэлэри көрдүүргэ анаммыт сыһыарыы буолар.

Кистэл буолбатах, төрөппүттэр ханна эрэ суһаллык бараары гыннахтарына, оҕо көрөр киһилэрэ суох буолан хаалааччы. Дьэ, аймахтарыттан, доҕотторуттан ньээҥкэ көрдүү сатаан, эрэйи көрөөччүлэр. Оттон уулуссаттан билбэт киһилэрин ыҥырыахтарын эмиэ да дьаарханаллара өйдөнөр буоллаҕа.

Бу сыһыарыыга анал идэлээх иитээччилэр, педагогтар, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, устудьуоннар үлэлииллэр. Докумуоннара бэрэбиэркэлэммит, мэдиссиинискэй киниискэлээх буоланнар, төрөппүттэр куттаммакка ыҥырыахтарын сөп.

Үлэ төлөбүрүн бэйэлэрэ дуогабардаһаллар. Ортотунан 1 чааһа 300 солкуобайынан быһыллар.

Бу сыһыарыыбыт төрөппүттэргэ да, ньээҥкэлэргэ да табыгастаах. Төрөппүттэр быстах кэмҥэ көрдөрөргө түргэнник ньээҥкэ булаллар, оттон ньээҥкэлэр сүрүн үлэлэрин таһынан харчылаһар кыахтаахтар. Ньээҥкэлэри таларга докумуоннарын бэрэбиэркэлиибит, ол иһин төрөппүттэр холкутук оҕолорун көрдөрө хаалларар кыахтаахтар, — диэн бырайыак төрүттээччитэ Виолетта Никитина кэпсиир.

Эдэр урбаанньыттар, чахчы, баар кыһалҕаны быһаарар сыһыарыыны аныгы ньыманан толкуйдаабыттар. Ол иһин сыһыарыы тута таһаарыылаахтык үлэлээн барда. Бу сыһыарыынан номнуо 300-тэн тахса төрөппүт, 100-тэн тахса ньээҥкэ туһаннылар. «Под присмотром» сыһыарыыны App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаан ылыахха сөп.

Бу сыһыарыы уратыта диэн – ньээҥкэлэр өҥөлөрүнэн туһаммыт дьон сыана туруорар, санааларын суруйар кыахтаахтар, ону таһынан, оҕо көрдөрөр кэмнэригэр тэйиччиттэн сылдьан, видеонан быһа көрөн олоруохтарын сөп. Бу кэмҥэ ньээҥкэ төлөпүөнэ видекамера буолан, дьиэҕэ буола турар барыта көстөр буолар эбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

3 секунды ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago