Хаартыска: СИА
Саха сиригэр 27 986 биэнсийэлээх сокуоннай саастарын туола илик оҕолору иитэн олороллор. Кинилэр страховой биэнсийэлэригэр эбии үрдэтиллибит төлөбүрү ылаллар.
Кинилэр иитиллээччилэригэр чугас аймахтара эрэ киирэллэр — 18 саастарын туола илик оҕолоро (үөрэнэр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри); 18 саастарын туола илик бииргэ төрөөбүттэрэ уонна сиэннэрэ (үлэлиир кыаҕа суох төрөппүттэрдээх буолахтарына). Манна эмиэ оҕо орто, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааска диэри уһаан биэрэр. Сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох төрөппүттэр иккиэн биэнсийэлээх буоллахтарына, иккиэн эбии төлөбүрү ылаллар. Эбии төлөбүр оҕо ахсын бэриллэр (3 оҕоттон элбэҕэ суох).
2023 сылга оҕоҕо эбии төлөбүр кээмэйэ — 2555 солкуобай, икки оҕоҕо — 5044 солкуобай, үс оҕоҕо — 7567 солкуобай.
Бу эбии төлөбүр үлэлиир да, үлэлээбэт да страховой биэнсийэлээхтэргэ бэриллэр. Оҕо үөрэҕиттэн уһулуннаҕына, кэтэхтэн, тэйиччиттэн үөрэххэ көстөҕүнэ, бу төлөбүр тохтуур, бэриллибэт. Устудьуон академическай уоппусканы ыллаҕына, бэриллэр.
Сайабылыанньаны «Госуслуги» нөҥүө, эбэтэр, Социальнай пуонда салаатыгар баран биэриэххитин сөп.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…