Оҕотун сырдык кэриэһигэр анаан “Ийэ истиҥ таптала” аһымал кэнсиэри тэрийдэ
Байыаннай дьайыыга баран хорсуннук олохтон туораабыт Өлүөхүмэ улууһун олохтооҕо, эдэркээн Михаил Андреев бу сыл сэтинньи 6 күнүгэр суох буолбута биир сылын туолла. Миша ийэтэ Жанриетта Музофарова оҕотун сырдык кэриэһигэр анаан, бу күннэргэ аһымал кэнсиэри тэрийдэ. Бэҕэһээҥҥи туругунан, 118 тыһ. солк. киирбит.
Михаил Андреев 1995 сыллаахха кулун тутар 14 күнүгэр Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ, ыал иккис оҕото этэ. 2013 сыллаахха А.Л. Бахсыров аатынан Кыыллаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Приморскай кыраайга гранотометчик байыаннай-учетнай исписээлинэстээх ытык иэһин төлөөн кэлбитэ. Өлүөхүмэтээҕи тиэхиньикуму бүтэрээт, улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетыгар исписэлииһинэн үлэҕэ киирбитэ. Үлэлиир кэмигэр бэйэтин эппиэтинэстээх, тус сыалын ситиһэр, туох да үлэттэн туора турбат, эрэллээх үлэһит быһыытынан көрдөрбүтэ. Байыаннай дьайыыга былырыын балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта.
Михаил ийэтиттэн туох санааттан уонна хаһан аһымал кэнсиэри тэрийэргэ санаммытын туһунан ыйыппыппар: “Кэргэммин Константин Филиппович Анисимовы кытта байыаннай дьайыыга барбыттары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр кэмитиэккэ өрүү көмөлөһөбүт. Уонна Мишам байыаннай дьайыыга бииргэ барбыт уолаттарын бэйэм оҕолорум курдук санаан, кэллэхтэринэ үөрэ-көтө көрсөбүн. Ону таһынан, тус бэйэм тугунан эрэ көмөлөһүөхпүн олус баҕарарым. Сыта-тута толкуйдаан, аһымал кэнсиэри тэрийэр туһунан санааны өссө саас эрдэттэн иитиэхтии сылдьыбытым. Күн сириттэн барбыт оҕолорбут олохторун халтай толук уурбатахтара, кыайыы туһугар барбыттара диэн санаары, киирбит харчыны уолаттарбыт кыайан-хотон кэлэллэрин туһугар анал байыаннай дьайыыга ыытыам диэн бигэ санааны ылыммытым. Ити бүччүм толкуйбун балачча уһуннук иитиэхтии сылдьан баран, Кыыллаах нэһилиэгин кулуубун уус-уран салайааччыта Ольга Акимованы кытта үллэстибиппэр, тута өйөөбүтэ.
Сайын барыы-кэлии, түбүк буолан кыаллыбатаҕа. Онтон быйыл, оҕобут биир сылыгар барыта оннун булан, табыллан хаалбытыттан үөрэбит”, — диэн Жанриетта Халитовна Музоварова санаатын үллэстэр.
Аһымал кэнсиэр нэһилиэк иһинээҕи “Күбэйэ” үҥкүү, бэтэрээннэр “Иэйии”, “Айылгы”, «Дуолан» оҕолор ансаамбылларын, Миша бииргэ үөрэммит доҕотторо Ньургун Банчин, Александр Слепцов, олохтоох кулууп уус-уран салайааччыта Ольга Акимова, Кыыллаах оскуолатын (дириэктэр И.И. Малгаров), звукооператор Анна Турантаева көмөлөрүнэн буолан ааста. Жанриетта Халитовна бэйэтэ 6 ырыаны толордо, үс үҥкүүгэ кытынна.
“Ырыаттан, үҥкүүттэн тэйэ быһыытыйбыт уонна олус элбэх киһи кэлбититтэн долгуйан кыратык алҕастар таҕыстылар. Ол да буоллар туруоруммут сорукпун ситиспиппиттэн үөрэбин. Киирбит харчыны кэппиэйкэтигэр тиийэ улуустааҕы СВО көмөлөһөр волонтердар кииннэригэр туттарыаҕым. Бу киирбит үп сыаллаах-соруктаах, быйыл күһүн уоппускаҕа кэлбит эдэр дьон: “Байыаннай дьайыыга массыынаҕа тиэйэ сылдьар пилота суох көтөр аппарааты өрөмүөннүүр лабаратыарыйа оҥостуохпутун баҕарабыт”, — диэбиттэрэ. Дроннара эҥин алдьаннаҕына өрөмүөҥҥэ ыыппыт кэмнэригэр хаһан оҥоһуллан кэлиэр диэри уһун бириэмэ барарын эппиттэрэ. Чопчу ол сыалга анаан ити аһымал кэнсиэри тэрийдибит, киирбит харчыны онно анаан диэн туттараары сылдьабын”, — диэн ийэ кэпсиир.
Төрөппүт күүстээх санаатынан, сүрэх баҕатынан, биир дойдулаахтарын өйөбүллэринэн сэтинньи 11 күнүгэр “Ийэ истиҥ таптала” аһымал кэнсиэр буолан ааста. Сэтинньи 13 күнүнээҕи туругунан, уопсайа, 118 тыһ. солк. киирбит. Манна даҕатан эттэххэ, Саллааттар ийэлэрин уонна дьиэ кэргэттэрин Өлүөхүмэ улууһунааҕы кэмитиэтин, оҕолоро Миша сырдык аатын үйэтитэр соруктаах, күүстээх санаа ылынан Жанриетта Халитовна, Константин Филиппович тэрийбиттэр. Кэмитиэт күн бүгүн уонтан тахса киһилээх. “Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан тиийэ нүөмэрбитин булан төлөпүөннүүллэр. Эһиги атын улуускут диэбэппит, сокуон кыайар эрэ буоллар кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт, өйүүбүт”, — диэн түмүктүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: