Оҕуруоччуттарга — ыам ыйынааҕы ый халандаара

Share

Ыам ыйыгар оҕуруот үүнээйитигэр ый халандаарынан (лунный календарь) саамай табыгастаах күннэрин таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар хаһан уонна тугу олордор табыгастааҕый?

Ыам ыйыгар быйылгы ый халандаарынан үүнээйини олордууга ордук табыгастаах күннэринэн ыам ыйын 13, 17, 21, 22, 30, 31 күннэрэ буолаллар. Оттон ыам ыйын 12, 27, 28 күннэригэр тугу да олордубаккытыгар сүбэлииллэр. Мантан атын күннэргэ үүнээйи олордор буорун бэлэмнииргэ, арассаадаларга эбии уоҕурдуу кутарга, учаастагы ыраастыыр, хомуйар үлэлэрэ ыытыллыахтаахтар.

Ыам ыйын 13 күнүгэр сүбүөкүлэ, эрэдиискэ, дайкон, эриэппэ, горох сиэмэлэрин буорга ыһыллыахтаах. Маныаха биири өйдүөх тустаахпыт – сир 18 кыраадыс сылаас буолуохтаах. Бу кэмҥэ элбэх сыллаах сибэккилэр, талахтар сиэмэлэрин арассаадалыыллар.

Ыам ыйын 13, 19, 20, 21 уонна 22 күннэригэр кабачки, патиссон уонна баклажан сиэмэтин ыһар ордук.

Ыам ыйын 17, 21 уонна 22 күннэригэр эрдэ ыһыллыбыт элбэх сыллаах үүнээйилэри араартыыллар.

Табыгастаах күннэр

Томат — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Оҕурсуу — 1, 2, 3, 9, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Биэрэс — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Баклажан — 1, 2, 3, 11, 21, 22, 25
Хаппыыста- 1, 2, 3, 9, 10, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Кабачки — 1, 2, 3, 9, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Күөх от — 1, 4, 5, 14, 15, 23, 24, 25
Хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп о.д.а. — 1, 2, 3, 9, 10, 11, 21, 22, 25, 29, 30
Луук — 1, 2, 3, 9, 10, 11, 13, 14, 15, 17, 25, 29, 30
Чосунуок — 11, 13, 14, 15, 17, 25, 29, 30

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Айылгы” туосчуттар түмсүүлэрэ 21 миэтэрэ уһуннаах туос киэргэтиилээх саламаны оҥордулар

Манчаары оонньуулара буолара биэс хонук хаалбыт күнүгэр, Булуҥ сэлиэнньэтин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара…

41 секунда ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчылар Нерюнгрига сылгы үөрүн тиэйэн аҕаллылар

Нерюнгрига быйыл 18-с сылын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Чурапчыттан 120-н тахса киһилээх улахан дэлэгээссийэ кыттыыны ыла…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый?

Бу күннэргэ Нерюнгри куоракка ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ тоҕуоруста. Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый? ''Амикан'' этнокомплекс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

“Туймаада” өй-билии олимпиадата аһылынна

Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, Эркээни ытык хочотугар Билим аччыгый академиятын дьиэтигэр XXXII Норуоттар икки…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Үлэҕэ киирээри сымыйа докумуоннары туттубуттара биллэн таҕыста

ИДьМ Алдан оройуонун полиция  отделын участковайдара бырамыысыланнай тэрилтэҕэ үлэҕэ киирээри сымыйа докумуоннары туһаныы икки түбэлтэтэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бойобуой дьайыы кыттыылааҕа “Аҕа дойдуну көмүскээччи Куубагар” кыттыа

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Игорь Марсунов от ыйын 10-14 күннэригэр Южно-Сахалинскай куоракка УИФУо бэтэрээннэрин ортотугар ыытыллар…

2 часа ago