«Оймякон – полюс холода, Oymyakon – pole of cold» — улуустааҕы дьаһалта табаарынай бэлиэтэ

Share

Өймөкөөн улууһун  баһылыга Иннокентий Сивцев РФ Интеллектуальнай бас билии салайааччыта (Роспатент) Юрий Зубков аатыгар «Оймякон – полюс холода, Oymyakon – pole of cold» бренд бэлиэни регистрациялыырга көрдөһөн сурук ыыппыт.

Бу сурукка Өймөкөөн улууһун устуоруйатыттан саҕалаан, бүгүҥҥү олоҕо кэпсэммитэ. Сүрүн болҕомто улууска туризм сайдыытыгар, чысхаан тымныытыгар ууруллубута. Тыйыс килиимэттээх Өймөкөөн оройуонугар кыһыҥҥы кэмҥэ омук туристара хото кэлэр буолан, Өймөкөөн улууһа Тымныы полюһун быһыытынан Саха сирин брендинэн буолбутун туһунан бу сурукка этиллэр.
Бу күннэргэ улуус салалтатын аатыгар суолталаах докумуон тиийэн кэллэ — «Оймякон – полюс холода, Oymyakon – pole of cold» 900912 №-дээх регистрацияны бигэргэтэр сибидиэтэлистибэ Өймөкөөн улууһу муниципалитетын бас билиитэ буолла. Ол эбэтэр мантан инньэ улуус дьаһалтатын көҥүлэ суох  «Оймякон – полюс холода, Oymyakon – pole of cold»  сурук мээнэ туттуллубат буолар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иирсээн кэнниттэн аҕатын массыынатын алдьатан буруйданна

ИДьМ сулууспатын 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар куорат таһынааҕы олохтооҕо тыллаабыт. Эр киһи массыыната…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһын — «Хюгге» кэмэ

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн сылдьар байыастары эбии хааччыйыыга саҥа номенклатура бигэргэннэ

Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

ХИФУга мэдиссиинэ идэтигэр туттарсыыга саҥаны киллэрии туһунан быһаардылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Аиза Решетникова аатын иҥэрдилэр

Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

10 часов ago