Саха сиригэр олохтоохтор харчыларын суйдуур түөкүннээһин тохтообот. Биир маннык угаайыга Алдан оройуонун хачыгаара киирэн биэрбит.
Биир күн киниэхэ баантан эрийбиттэр уонна кини аатыгар 500 тахса тыһыынча суумалаах кирэдьиит оҥоһуллан эрэрин туһунан сэрэппиттэр. Түөкүттэр кини аатыгар кирэдьиит оҥорботторун туһугар саҥа кирэдьиит оҥотторон атын счекка кистииргэ сүбэлээбиттэр. Эр киһи баан үлэһитэбин дэммит киһиэхэ итэҕэйэн тугу этэрин толорон испит. Онуоха хачыгаар ойоҕо түөкүттэр эрийэллэрэ буолуо диэн эрин кэпсэтиитин тохтото сатаабыт. Эр киһи ону истибэтэх. Ол түмүгэр 700 тыһыынча солкуобайы кирэдьиит ылан түөкүттэргэ ыыппытын өйдөөбөккө хаалбыт.
Өскөтүн, баантан, полицияттан, атын араас тэрилтэлэртэн эрийдэхтэринэ, эһиги кимиэхэ даҕаны каартаҕыт нүөмэрин, пааспаргыт дааннайдарын, төлөпүөҥҥүтүгэр кэлбит СМС-иһитиннэриини ыытар, этэр эбээһинэскит суох. Түөкүттэргэ киирэн биэримэҥ!
УГМС управлениетын иһитиннэриитинэн, от ыйын 5 күнүгэр Хаҥалас, Горнай, Алдан, Нерюнгри, Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо…
Ил Дархан Айсен Николаев бигэргэппит “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 2022 сылтан 44 744 дьиэ кэргэн…
От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар клещкэ ытыттарыы 533 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, онтон…
Нерюнгри улууһугар Саха сирин соҕуруу киин куората 50 сылыгар анаммыт Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ…
Быйыл дойду үгүс эрэгийиэнигэр олохтоохтор үөн-көйүүр ахсаана биллэ элбээбитин бэлиэтииллэр. Саха сирэ эмиэ онтон хаалсыбат.…
Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгин олохтоохторо Олоҥхо ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ыллылар. "Костер на снегу" ансаамбыл чилиэннэрэ…