Ольга Балабкина: “Субсидия баар буолан Чернышевскай бөһүөлэгин култуураҕа дьиэтигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьар буолла”

Share

Олунньу 12 күнүттэн Миринэй улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар судаарыстыбаннай ситэриилээх былаас уорганын  2023 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн отчуота ыытыллар. Чернышевскай бөһүөлэгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина отчуоттаата.

Өрөспүүбүлүкэ бырабаатылыстабатын ааспыт сыллааҕы үлэтин туһунан кэпсииригэр Ольга Балабкина ситиһиилэри бэлиэтээтэ: онкология саҥа киинэ аһыллыытын, Миринэйгэ Саха сирин мөлүйүөн олохтооҕо төрөөбүтүн, социальнай гаастааһын, дьиэни тутуу, социальнай уонна экэнэмиичэскэй сайдыы көрдөрүүлэригэр.

Миринэй улууһун Чернышевскай бөһүөлэгин “Бүлүү уоттара” култуура дьиэтэ быйыл 1 мөл. солк. тахса суумалаах субсидияны ылыаҕа. Субсидия “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Культура малой Родины” бырайыагын иитинэн 50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх пууннар култуураҕа дьиэлэрин сайыннарар уонна матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаларын бөҕөргөтөр бырагыраама иитинэн көрүллэр. “Киирбит үп култуура дьиэтин кэнсиэрдиир саалатыгар уот-күөс саҥа тэрилин  атыылаһарга, тириэрдиигэ уонна таҥыыга туһаныллыаҕа”, – диэн “Бүлүү уоттара” култуура киинин дириэктэрэ Яна Самусенко быһаарда.

Былырыын “Табыгастаах эйгэ” бырагыраама чэрчитинэн тустаах култуура киинигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьалларыгар аналлаах тэрили ыларга үп көрүллүбүтэ. Субсидия суотугар кулгаахтарынан мөлтөхтүк истэр уонна көрөр дьоҥҥо тулалыыр эйгэлэригэр буола турары тириэрдэр адаптационнай тэрили ылбыттар. Култуура дьиэтигэр уонна тахсан киирэр сиргэ тутуһар тэриллэри туруорбуттар. Ол түмүгэр инбэлииттэр Чернышевскай бөһүөлэгин култууратын дьиэтигэр уустуга суох сылдьар буолбуттар.

Ольга Балабкина Чернышевскайдааҕы балык собуота кырааматынайдык салаллыбытын бэлиэтээтэ. Быйыл собуот 25 тыһ. быраҥаатта, 1,5 мөл. күндүөбэй, ону тэҥэ, чыыр, быйыт, майаҕас балык ыамаларын таһаарар былааннаах. Манна миэстэтигэр форель балыгы үөскэтэллэр.

Бөһүөлэк олохтоохторо отчуот кэмигэр хапытаалынай өрөмүөн, бөһүөлэги гаастааһын, үөрэх систиэмэтин сайыннарыы хаамыытын туһунан ыйыталастылар.

Ольга Балабкина салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕүн икки хос бөлөҕө Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгэр уонна Айхал бөһүөлэккэ үлэлээтэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Хаартыска: www.sakha.gov.ru

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…

20 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago