Салгыы
Ольга Бурцева: «Харчынан өйөбүл оҥоһулунна»

Ольга Бурцева: «Харчынан өйөбүл оҥоһулунна»

Ааптар:
31.01.2023, 10:15
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха сирин бары улуустарын дьоно-сэргэтэ, салалталара, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү, көмөнү оҥоро олороллор. Дьааҥыга улуус дьокутааттарын Сэбиэтин дьокутаата Ольга Бурцева бу өттүгэр туох-ханнык көмө оҥоһулла турарын туһунан бу курдук кэпсээтэ:

— Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өттүнэн өйөбүл улуус дьаһалтатын тус аадырыстаах көмөнү оҥоруу туһунан балаһыанньатыгар олоҕуран оҥоһулла турар. Биһиги улууспутуттан барыта 48 киһи байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Саллааттарбытыгар таҥас-сап, экипировка ылыналларыгар анаан харчы хомуллан тиксэриллибитэ. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл бэрээдэгинэн барыта үбүнэн көмө оҥоһулунна. Бааһырыыны, эчэйиини ылбыт биэс байыаннай сулууспалаахха, байыаннай эбээһинэһин толоро сылдьан суох буолбут саллаат дьиэ кэргэнигэр харчынан өйөбүл оҥоһулунна.

Улуус дьаһалтатын анал дьаһалынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэрин уонна чугас аймахтарын социальнай өттүнэн өйүүр Сулууспа састааба бигэргэтилиннэ, кинилэр туох көмөҕө наадыйалларын учуоттуур анал бааза оҥоһулунна. Улуус тэрилтэлэрин салайааччылара саллааттар оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарыыга анаан ахсынньыга Баатаҕай бөһүөлэгэр тэриллибит «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа кыттыбыттара. Дьокуускайга буолбут аһымал кэнсиэртэн киирбит үп байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар тиксэриллибитэ. Быстах ыҥырыынан байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт саллааттар ийэлэрин кытта көрсүһүү, ааспыт күһүн уонна бу тохсунньуга эргиллэн кэлбит саллааттарбытын кытта истиҥ көрсүһүүлэр ыытыллыбыттара. «ОтМамЯкутииСлюбовью» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан, улууспут ийэлэрэ тикпит ичигэс таҥастара Дьокуускайга гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа саллааттарга тиксэрэргэ анаан ыытыллыбыта.

Улуус нэһилиэктэригэр #МЫВМЕСТЕ волонтердар штабтара үлэлиир. Кинилэр саллааттар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар мас, муус бэлэмнээһинигэр, хаһаайыстыба онтон да атын үлэлэригэр көмөлөһөллөр. Бу курдук үлэлэр салҕанан бара тураллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: