Быйыл СӨ үтүөлээх артыыһа, Сунтаар улууһун бастакы идэтийбит опернай ырыаһыта Илья Кириллович Иевлев төрөөбүтэ 75 сылын туолла. Кини оҕолоро аҕаларын туйаҕын хатаран, муусука кэрэ эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Илья Кириллович муусука-тыйаатыр ускуустубатын сайдыытыгар, мелодистар, композитордар айар үлэлэригэр көмөлөспүт үгүс өҥөлөөх.
Ылдьаа 1948 сыллаахха Сунтаар улууһун Куокунутугар төрөөбүтэ. Сэрии кэннинээҕи аас-туор сылларга тулаайах хаалан, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр улааппыта. Кыра эрдэҕиттэн ыллыыра, айылҕаттан айдарыллыбыт талааннааҕа биллибитэ. Онон М.П. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы консерваторияҕа киирбитэ уонна 1973 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кини онно аатырбыт Иван Степановтыын, эбээннэртэн бастакы опера ырыаһыта Семен Дьяконовтыын бииргэ үөрэммиттэрэ.
Илья Кириллович опера солиһын быһыытынан 30 сыл устата тыйаатырга сулууспалаабыта. 20-тэн тахса опера баартыйаларын толорбута. Ол курдук, Эбн Хакиа («Иоланта», П.И. Чай-
ковскай), Бэргэн («Биhик ырыата» З.Степанов), Сват («Русалка» А.Даргомыжскай), Щелкалов («Борис Годунов» М. Мусоргскай), Данкайро («Кармен» Ж.Бизе), Айыы Дьураҕастай, Түөнэ Моҕол («Ньургун Боотур», М.Жирков, Г.Литинскэй), о.д.а. испэктээктэргэ бэрт интэриэһинэй, өйдөнөн хаалар оруоллары толорбута.
1977 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы патриотическай испэктээктэри көрүүгэ III истиэпэннээх дьупулуомунан наҕараадаламмыта.
Сүрүн үлэтин таһынан “Эҥсиэли” ансаамбылга ыллыыра, тэрийэр-салайар уонна үөрэтэр үлэҕэ сыратын уурара. “Эҥсиэли” квартекка биллэр-көстөр ырыаһыттар Семен Оконешников, Илья Иевлев, Семен Дьяконов, виртуоз-баянист Сергей Попов буолан ыллыыллара. Илья Кириллович ансаамбыл салайааччытын быһыытынан, улуустарга гостуруоллары тэрийэрэ.
Эр дьон квартета бэйэтин кэмигэр сүрдээҕин аатыра сылдьыбыта. “Якутск-79” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска лауреат аатын ылбыттара. “Сочи-80” Бүтүн Сойуустааҕы сэбиэскэй ырыа куонкуруһугар дипломант буолбуттара.
Илья Кириллович сыанаҕа ыллыырын таһынан, 1991–1994 сылларга Опера, балет тыйаатырын дириэктэрин гостуруолу, кэнсиэри тэрийэр үлэҕэ солбуйааччынан, 1998–2003 сылларга режиссердар управлениеларын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Элбэх муусука бырайыактарыгар продюсердаабыта, улуустарга элбэх гостуруоллары, кэнсиэртэри, тыйаатыр, култуура күннэрин тэрийсибитэ.
1994–1997 сылларга “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа холбоһуктаах салаатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Бу салаа симфоническай аркыастыры уонна хампаанньа хуорун бииргэ түмэр этэ.
20 сыл устата Илья Кириллович Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх педагогическай училищеҕа устудьуоннары үөрэппитэ. Онно музыкальнай салаа сэбиэдиссэйэ Владимир Жирковтуун фольклорнай кылааһы тэрийэн, икки кылааһы таһаарбыттара.
Дьэ, бу үтүмэн үлэни үмүрүтэн, айар үлэтин да умнубакка, Илья Иевлев чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Киниэхэ СӨ үтүөлээх артыыһа, култуура туйгуна, “Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин Бочуоттаах иитиллээччитэ”, Тойбохой, Куокуну нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааттары иҥэрбиттэрэ.
Кини кыргыттара Элизабет уонна Александра эмиэ ырыаһыттар, тыйаатыр хуорун артыыстара, улахан кыыһа Ирина – “Сахабулт” иистэнньэҥэ. Уола Александр аҕатын туйаҕын хатаран, муусука, тыйаатыр эйгэтигэр үлэлиир. Кини Казань куоракка олорор, Татарстан култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Александр Иевлев – оҕо композитора, продюсер, «Дорога звезд» эстраднай устуудьуйа дириэктэрэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Нотная симфония», «Ансамблея» бэстибээллэри тэрийээччи. Кини оҕолорго анаан сүүстэн тахса ырыаны суруйбута, биэс диискэни таһаарбыта. Ырыалара “Детское Евровидение”, “Славянский базар”, “Дельфийские игры” курдук аан дойдуга биллэр улахан куонкурустарга, бэстибээллэргэ ылланаллар. Иитиллээччилэрэ бу куонкурустарга миэстэлэһэллэр, кыайаллар.
Кыыһа Александра бу курдук ахтар:
– Саамай үчүгэй кэргэн, аҕа, эһээ диэн кини этэ. Биһигини кытта тэҥҥэ сырсар, оонньуур, сарсыардааҥҥы аһылыкпытын бэлэмниир, бэл, баттахпытын өрөр этэ. Хаһан да кыыһырбат, үөрэ-көтө сылдьар, бэһиэлэй, аламаҕай майгылааҕа. Төһө да элбэх үлэлээх, солото суох буоллар, дьиэ кэргэнигэр бириэмэ хайаан да булара.
Ийэбит гаас операторынан хоно сылдьан үлэлиир буолан, биһигини аҕабыт көрөн хаалара. Кыра эрдэхпититтэн тыйаатыр эйгэтигэр улааппыппыт. Дьиэбитигэр бары ыллыыллара, ол иһин бэйэбин өйдүөхпүттэн ыллыыбын, бүччүм сиргэ киирдим да, ырыанньыгы ылан, хомсомуол ырыаларын тардан кэбиһэрим. Төрөппүттэрим миигин юрист дуу, миэдик дуу буоларбын баҕараллара, муусука оскуолатыгар биэрбэтэхтэрэ. Ол да буоллар, мин мусукаалынай училищеҕа киирбитим.
Аҕабыт Свердловскайга үөрэнэ сылдьан кэргэннэммит, уол оҕоломмут эбит. Кэргэнэ Саха сиригэр кэлиэн баҕарбатах. Арахсан баран, ийэбитин кытта холбоспуттар. Ийэм кыыстаах эбит, ол кэнниттэн Элизабет биһикки төрөөбүппүт. Убайбытын кытта ыкса алтыһабыт, билсэбит. Эдьиийбин кытта тыйаатыр хуоругар 20-тэн тахса сыл үлэлээтибит. Элизабет СӨ култууратын туйгуна, 2 оҕолоох. Мин эмиэ 2 оҕолоохпун. Билигин ийэбит Надежда Ионовна миигин кытта олорор.
Аҕабыт барахсан 2011 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Билигин да итэҕэйбэт курдукпун. Сыл аайы олунньуга, төрөөбүт күнүгэр тыйаатыр кини кэриэһигэр испэктээктэри туруорар. Сунтаарга аҕабыт төрөөбүтэ 70 сылыгар кэнсиэр тэрийбиппит. Былырыын сайын Куокунуга Илья Иевлев кэриэһигэр ыһыах буолбута. Кини ырыаларынан куонкурус тэриллибитэ.
Илья Кириллович сиэннэрин көрөр, бүөбэйдиир дьолу билэн барбыта. Быйыл Казаньҥа кини хос сиэнэ төрөөтө. Дьиҥнээх дьол, сирдээҕи аналы толоруу диэн бу буоллаҕа, олоххун анаабыт дьыалаҕын оҕолоруҥ салгыыллара, ааккын ааттата сылдьаллара…
Сиэнэ Надя маннык ахтар:
– Хас сайын аайы сиэннэр бары даачаҕа сайылыырбыт. Даача биһиэхэ кириэппэс курдук этэ. Эһээбит тэҥҥэ оонньоһоро, ону тэҥэ үлэлииргэ үөрэтэрэ. Биирдэ хаптаһынан отуу тутан биэрбитэ, отунан бүрүйбүтэ. Биһиги ол “баазаҕа” олорон, бэйэбитин курутуой “спецагеннар” курдук сананарбыт, күнү-дьылы билбэккэ аһарарбыт. Ол оҕо сааспыт биир умнуллубат, кэрэ өйдөбүлэ буолан хаалбыт.
Киэһэ утуйуох иннинэ бары верандаҕа мустарбыт, эһээбит минньигэстэн минньигэс бутербродтары оҥороро, бэйэтигэр үүттээх чэй куттара. Таптыыр хараҕынан көрө-көрө, күлэ-үөрэ, мичээрдии олороро бу баар курдук…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…