Олох орто уһуна Арассыыйа көрдөрүүтүн куоһарда

Share

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр киин куорат уонна улуустар олохтоохторуттан доруобуйа харыстабылыгар элбэх ыйытыы киирдэ.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ хас биирдии ыйытыыны, суругу үөрэттилэр.

Айсен Николаев бэлиэтээн эппитинэн, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак олоххо киллэриллэн, кыһалҕалаах боппуруос балачча аҕыйаата.

Ол курдук, национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ олус элбэх эбийиэгэ үлэҕэ киллэрилиннэ, саҥа эбийиэктэр аныгы тэрилинэн сэбилэннилэр.

Тааттаҕа, Бүлүүгэ, Чурапчыга балыыһа комплекстара үлэҕэ киллэриллэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан. Кэнники  сылларга киин куоракка тутуллубут Сүрэх-тымыр киинэ, Онкология киинэ мэдиссиинэ өҥөтө хаачыстыбалаах уонна табыгастаах буоларын мэктиэлиир.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, билигин ыарыыны эмтииргэ эрэ буолбакка, эрдэттэн сэрэтии үлэтигэр улахан болҕомто ууруллар, биир кэлим үлэ ыытыллар. Ол да иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ олох орто уһуна Арассыыйа көрдөрүүтүн куоһарда.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

ХАРЫЙАМ БЭЛЭҔЭ

Бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн ааҕааччыбыт, элбэх ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, ырыаһыт Ариан Федоров үүнэр 2026 сылы көрсө…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Билиини-көрүүнү тургутар сэргэх оонньуу

Өспөххө "Кубок знатоков наслега" бырайыак быйылгы оонньуута түмүктэннэ. Бу күн түөртүү киһилээх 6 хамаанда бары…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

101 саастаах ытык кырдьаҕаһы эҕэрдэлээтилэр!

Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ыалдьыты көрсүүгэ үгэс тутуһуллуута

Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…

2 часа ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Буойун, салайааччы төрөөбүтэ 100 сылынан

Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ  буолар. Олохтоохтор…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнайдар кинигэ биһирэмигэр түмүстүлэр

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…

3 часа ago