Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр киин куорат уонна улуустар олохтоохторуттан доруобуйа харыстабылыгар элбэх ыйытыы киирдэ.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ хас биирдии ыйытыыны, суругу үөрэттилэр.
Айсен Николаев бэлиэтээн эппитинэн, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак олоххо киллэриллэн, кыһалҕалаах боппуруос балачча аҕыйаата.
Ол курдук, национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр мэдиссиинэ олус элбэх эбийиэгэ үлэҕэ киллэрилиннэ, саҥа эбийиэктэр аныгы тэрилинэн сэбилэннилэр.
Тааттаҕа, Бүлүүгэ, Чурапчыга балыыһа комплекстара үлэҕэ киллэриллэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан. Кэнники сылларга киин куоракка тутуллубут Сүрэх-тымыр киинэ, Онкология киинэ мэдиссиинэ өҥөтө хаачыстыбалаах уонна табыгастаах буоларын мэктиэлиир.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, билигин ыарыыны эмтииргэ эрэ буолбакка, эрдэттэн сэрэтии үлэтигэр улахан болҕомто ууруллар, биир кэлим үлэ ыытыллар. Ол да иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ олох орто уһуна Арассыыйа көрдөрүүтүн куоһарда.
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Хаарчаана бэлэҕэ"…
Бастыҥ волонтерскай көҕүлээһиннэр уонна устудьуоннар түмсүүлэрэ "Уһук Илин сулуһа" бириэмийэнэн бэлиэтэннилэр. РФ Бырабыыталыстыбатыгар сыл ахсын…
Бэрдьигэстээххэ кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор социальнай дьиэлэригэр сэргэх тэрээһин буолла. Саҥа дьылы көрсө манна социальнай…