Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэриммит урбаанньыт баарын билэҕит дуо?
Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир биллэр-көстөр урбаанньыта, Балыктаах сэлиэнньэтин олохтооҕо, 26 саастаах Дьулус Говоров өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэринэргэ соруммута.
Ол санаа хайдах уонна туохтан саҕыллыбытын туһунан төрөөбүт дойдутугар тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннара сылдьар Дьулус Говоровы кытта анаан көрсөн кэпсэттибит.
Оскуолаттан саҕалаан дьулуһуу
– Дьулус, аатыҥ да этэринии, бэйэ дьыалатын тэринэргэ олох оҕо сааскыттан дьулуспут эбиккин дии.
– Аҕам Геннадий Гаврильевич миигин кыра эрдэхпиттэн дьиэ хаһаайыстыбатын көрөргө уһуйбута-такайбыта. Убайдарым, эдьиийим үөрэх дьоно буолан, үлэ барыта миэхэ тиксибитэ диэххэ сөп. Ийэм Ангелина Николаевна учууталлыыр буолан, оскуолаттан ордубат этэ. Онтон дьиэ үлэтигэр сыстаҕаспын көрөн, дьонум сыыйа “бу уолбут хаһаайыстыбабытын тутар киһи буолууһу” диэн эрэнэр курдук буолбуттара. Ахсыска үөрэнэ сырыттахпына, ийэм сонуннаах кэлбитэ: “Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт үлэһитэ Гаврил Адамов “Сир эдэр хаһаайына” диэн бырайыагар төрөөбүт дойдуларыгар хаһаайынныы сыһыаннаах оҕолору түмэр соругу туруоран үлэлээн эрэрин истэн, төлөпүөнүн ылан кэллим. Дьулуспутун, хата, ити туһаайыынан сайыннарыахха наада”, – диэн эппитигэр, аҕам бэркэ сэргээбитэ. Мин оччолорго төрөппүттэрбин истэ үөрэммит киһи, туох силистээх-мутуктаах дьыалаҕа ылсан эрэрбитин иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕым. Гаврил Адамовтыын билсэн, сорудаҕын толорон, аҕам иитэр сылгыларын үөрэтэн, чинчийэн барбытым. Бэһис кылаастан “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ сылгы иитиитин туһунан тиэмэни талбыт буолан, миэхэ салгыы үлэлиирбэр “күөх уот” умайбыта диэхпин сөп. “Сир эдэр хаһаайына” бырайыакка кыттыһан, саас аҕабын кытта сылдьан төрүөҕү кэтиир, чинчийэр научнай хабааннаах үлэни ыытар буолбутум. Учууталларым бу үлэбин өйөөн, хас да хонукка үөрэхпиттэн көҥүллүүллэрэ. Онон, үөрэхпин ситиһэр инниттэн, туспа “зачетнай кинигэлэммитим” эҥин. 2016 сыллаахха оскуолабын бүтэриибэр сылгыны үөрдээн иитиигэ бэйэ дьыалатын арыммытым. 2017 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн ыытыллар “Эдэр пиэрмэр” граныгар кыттан, “Беларусь” тыраахтар ылыммытым.
Табыгастаах үөрэх
– Идэҕин таларгар өр толкуйдуу барбакка, тыа хаһаайыстыбатын салаатын таллаҕыҥ дии?
– Бириэмэбин сүтэрбэт наадаттан орто анал үөрэххэ киирбитим. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньукумун сир уонна баай сыһыаннаһыыларын салаатын (отделение земельно-имущественных отношений) бүтэрбитим. Билигин докумуону кытта үлэҕэ тустаах үөрэхтээҕим олус туһалыыр. Ол курдук, сир боппуруостарыгар ыарырҕаппаппын.
Харчы – үүккэ
– Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уопуттаах урбаанньыт буола үүммүт киһи санааҕар, сылгыны иитэр ордук дуу, ынах сүөһүнү дуу?
– Балыктаахтан 20 км тэйиччи Алаҕар диэн учаастакпытыгар сылгы баазалаахпыт. Онно аҕабынаан түөрт үөрү тутабыт. Аҕабар махтанабын – сылгыны кини көрөр-истэр. Ахсаанынан ынах сүөһүм элбэх. Уопсайынан, сүөһүнү иитэр быдан барыстаах эбит дии санаатым. Ол иһин ынах сүөһү ахсаанын элбэтэр соруктаахпын. Билигин 30-тан тахса ынах сүөһүлээхпин. Онтон ыанара – 14 төбө. “Харчы үүккэ эбит” диэн түмүккэ кэлэн, эһиилгиттэн Балыктаах кытыытыгар 50 төбө сүөһү турар хотонун туттуом.
Хайа боруода ордугуй?
– Уопуттаах пиэрмэр киһи толкуйгар, ынах хайа боруодата ордугуй?
– Кэтээн көрүүбүнэн үүттээҕинэн “голштинскай” боруода ордук эбит. “Сэмэнтээл” тыа сиригэр эмиэ үчүгэй. “Холмогор” боруодаттан эмиэ иитэбин. “Голштинскай” боруоданы Чурапчы Чыаппаратын сис ыалыттан Лыткиннартан атыыласпытым. Кинилэр министиэристибэ граныгар тиксэн баран, анаан ыйыталаһан Ол боруода тэнийэн, Балыктааҕы буллаҕа. Дьоҕус биисинэс салаатыгар атаҕар туран эрэр урбаанньыт буоларым быһыытынан, үүттээх боруодаҕа “охтобун”.
Сытыы боппуруос үгүс
– Тыа сиригэр бэйэ дьыалатынан дьарыктанарга туох уустуктар баалларый?
– Бастатан туран, уматыкка, саппаас чааска уонна сүөһү эбии аһылыгар сыана үрдүү турар. Сүрүн кыһалҕа – үлэһит илии тиийбэтэ. Ыанньыксыт, сүөһү көрөөччү, от киллэрээччи дьон үлэлии-үлэлии баран иһэллэр. Төрүөтэ – хамнастарын мыыналлар.
Саха сирин үрдүнэн тыа сирин өссө биир кыһалҕата – ходуһа тиийбэт. Билигин дьон үксэ оттообот алаастарын “эккэ оттотобут” дииллэр. Урбаанньыттарга, пиэрмэрдэргэ ол охсуулаах дьыала. Сокуонунан чааһынайга киирбит төһөлөөх хаарыаннаах сирдэр оттоммокко хаалан, көннөрү эрбэһининэн бүрүллэн тураахтыыллара буолуой?! Маныаха өрөспүүбүлүкэҕэ Сир сокуонугар оттоммокко турар алаастары хайаан да туһаҕа таһаарар гына пуун наада. Ил Түмэн дьокутааттара бу сытыы боппуруоска иҥэн-тоҥон үлэлэһэллэрэ буоллар.
Олохтоох салалта өйүүр
– Улуускутугар үс сылы быһа Тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллэн тураллар. Бу эһиэхэ, урбаанньыт-пиэрмэрдэргэ, төһө өйөбүллээҕий?
– Тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллиэҕиттэн улуус да, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан да, нэһилиэк да салалталарыттан тустаах болҕомто күүскэ ууруллар буолла. Сотору-сотору араас сүбэ-мунньахтарга ыҥыраллар, санаабытын истэллэр, туох өйөбүлү оҥоруохтарын сөбүн ыйыталаһаллар, көмөҕө илиилэрин утары ууналлар. Бу атахпытыгар туран, сайдыыга дьулуһар дьоҥҥо олус улахан өйөбүл.
Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх ыччат
– Дьулус, эн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар оскуолаттан куорсун анньыммыт урбаанньыккын. Оттон бэйэҥ эн курдук төрөппүттэригэр көмөлөһө сылдьан, тыа сирин олоҕор чугаһыы сатыыр оҕону бэлиэтии көрөн, кинини өйүүгүн дуо?
– Мин уол оҕо быһыытынан обургу сааспар успуорка уонна хара үлэҕэ Дорҕоон Дохсуҥҥа уһуйуллан тахсыбытым. Ол иһин билигин кини иитээччилэрин эмиэ өйүүбүн. Сайын аайы Дорҕоон Дохсун куорат 10 обургу уолун илдьэ тахсан, миэхэ Алаҕарга кэлэн илиинэн от охсоллор. Биир өттүнэн, миэхэ да көмөлөөх, иккиһинэн, уолаттары иитиигэ да мин усулуобуйа тэрийэн өйүүбүн. Балыктаах оскуолатын дириэктэрэ Егор Иванов оскуола оҕолоругар үлэ лааҕырын тэрийэн үлэлэтэр, олохтоох хаһаайыстыбаларга сыһыаран көмөлөһүннэрэр. Холобура, Ньургун Габышевка оҕолор идэһэ өлөрүүтүгэр сылдьаллар.
… Дьулус Говоров урбаанньыт доҕотторун – Ньургун Габышевы, Илья Мохначевскайы кытта “Үс пиэрмэр” диэн түмсүү тэринэн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөрүн ааһан, биир дойдулаахтарын эмиэ өйүүллэр эбит. Ол курдук, Саҥа дьылга элбэх оҕолоох ыалларга 45 медовай торт оҥорторон бэлэх ууммуттар, ыһыахха матасыыкыл бириис туруорбуттар. Онон эдэр урбаанньыт Дьулус Говоров тыа сиригэр ыччат тус олоҕун олохтоохтук оҥостон, сайдыы саҕахтарыгар сонун сүүрээннэри киллэриэн сөп диэн санаанан салайтаран, айар-тутар, төрөөбүт дойдутун сайыннарар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…