Олоххо сырдык тапталлаах Полина-Победа

Олоххо сырдык тапталлаах Полина-Победа

24.12.2023, 18:00
Хаартыска: Полина Победа тус архыыбыттан
Бөлөххө киир:

“Полина-Победа” диэн ааты иһиттэхтэринэ, үгүс дьон, кинини бэйэтин төһө да илэ көрбөтөхтөрүн иһин, “билэбит” диэхтэрэ.

Кырдьык, айар куттаах киһи олох араас бэлиэ түгэннэригэр “Тэтим” араадьыйаҕа тута хоһоон айа охсон, “быһа эпиир­гэ” ааҕа охсубута баар буолар. Бүгүн Полина Находкина-Победа “Итии чэйгэ” ыалдьыттыыр.

Арассыыйаны “баһылыы”

– Полина Пантелей­моновна, биллэн турар, псевдонимыҥ Улуу Кыайыыны кытта ыкса сибээстээҕэ чахчы.

– Уус Алдан улууһун Танда нэһилиэгэр 1954 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн орто сааспар диэри “сири-сибиири” бараан, өрүү көһө сылдьыбыт киһибин. Тиит Арыы, Чэриктэй, Батамай, Сангаар, Кэбээйи – ити оскуолатааҕы сылларым ааспыт сирдэрэ.

18 сааспын туолан баран, Батамайга биэлсэринэн үлэлээбит ньиэмэс омук кыыһын кытта дьүөгэлэһэн, кини ыал буолбутугар ыҥырыллан, Омскайга тиийбитим. Аны санаатахха, дьылҕам тардан, ол ыраах киин куоракка тии­йэн хаалбыппын. Урууга сылдьаат, дойдубар төннөр санаа­лааҕым да, биир дойдулаах кыргыттарбын көрсөн, кинилэр хааларбар көрдөһөн, билиэппин туттаран кэбиспитим. Ол кэмтэн ыла тыа сирин кыысчаана аны Арассыыйаны “баһылаабытым”.

Саҥа олох

– Тыый, түргэн быһаарыныы эбит! Дьэ, онтон?…

– Омскайга текстильнэй паабырыкаҕа үлэ булбутум. Сыыйа үлэлиир дьоммун кытта бодоруһан, уопсастыбанньык бэрдэ буолбутум. Миигинэ суох истиэнэ хаһыата тахсыбат. Паабырыкабыт хаһыата өрүү бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ. Кэлэктиибим миигин ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыбыта. Киин сиргэ бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт киһи хайҕанар, бочуоттанар. 1978 сыллаахха хомсомуол билиэтин уларытыы саҕаламмыта. Үчүгэй буочарбын бэлиэтии көрөн, аны хомсомуол кэмитиэтигэр ыҥырыллыбытым. Хомсомуолларга икки сыл үлэлиир кэммин туһанан, «сэкирэтээр-машинистка» идэтин баһылаабытым. Онно көрбөккө эрэ бэчээттиир ньымаҕа күрэстэһэн («Слепой метод» диэн эбит), үс бастыҥ ахсааныгар киирбитим.  Ити курдук, “машиннай бюроҕа” ыстаарсай буола түспүтүм. Салгыы инкассаторынан, бааҥҥа докумуоннары бэрийиигэ үлэлээбитим.  Биир тэрилтэҕэ итинник сэттэ сылбын биэрбитим.

“Уонна хаһан…”

– Биирдэ “Тэтим” араа­дьыйаҕа сэбиэскэй эстрада ырыаһыттарын ааҕа билэргин, кэнсиэрдэригэр сылдьан тураргын кэпсээ­биккин истэн сэҥээрбитим. Хас биирдии ырыаһыты бэркэ да ырыппытыҥ.

– Сэбиэскэй кэмҥэ Омскайга эстрада сулустара үгүстүк кэлэллэрэ. Афишалара ый инниттэн тахсара. Билиэт Таҥара уутугар тиксиигэ тэҥнээҕэ. Холобура, “Ласковый май” бөлөххө  билиэти олох да булбатаҕым. Кэнсиэртиир саала таһыгар оптуобустан түһүөхтээх  ырыаһыттары анаан маныырбыт. Омскайга 15 сыл олорбутум тухары түөртэ Эдита Пьехаҕа сылдьыбытым. Леонтьевка – иккитэ. Кини ыллыырыгар сыанаҕа чугаһаппат гына милииссийэ сыаптаан турара. Дьон сибэккилэрин  кинилэр нөҥүө туттараллара. Ону Валерий ыла-­ыла, сыана муостатыгар эргиччи тэлгэтэн иһэрэ. Уонна кэнсиэр бүтүүтүн саҕана барытын харбаан ыла-ыла, көрөөччүлэргэ быраҕаттыыра. Дьон сибэкки тутаары, соҕотохто ыһылла түһэрэ. Муоста тостубут сибэккинэн туолара. Оттон ырыаһыт бэйэтэ сыанаҕа эргиччи сүүрэкэлээн тэпсэр да түгэннээҕэ. Мин оннук көстүүнү олох сөбүлээбэт этим.

Эдита Пьеха кэнсиэригэр мааны сабыынан сабыллыбыт остуол сыанаҕа ырыаһыт тахсар сирин диэки баар буолара. Сибэкки онно ууруллара. Кэнсиэр бүттэҕинэ, ансаамбыл уолаттара сибэккини бо­­буччу көтөҕөн, Эдитаны иннилэригэр уктан, элбэхтик бокулуон­наан, махтанан тахсаллара. Кикабидзе биир  илиитин сиэбигэр уктан сыананы эргиччи хаама сылдьан ыллыыра. Оттон Нани Брегвадзе «Бабье летотын» уу-чуумпутук истэрбит. Валентина Толкунова наһаа кырасыабай, боччум­наах ырыаһыт этэ. Лев Лещенко мытырыччы туттан ыллыыра, сыана киэргэлэ этэ. Махмуд Эсамбаев үҥкүүтүгэр түөртэ сылдьыбытым. Көрөөччүлэри кытта наһаа минньигэс акценынан кэпсэтэрэ. Бастакы икки эрээккэ хайаан да биир дойдулаахтарын киллэрэн олордоро. Кола Бельдыга иккитэ сылдьыбытым. Саха устудьуоннара эрэ сүрүннээн сылдьаллара. Онон кураанах саалаҕа ыллыыра. «Киһи диэки көрө-көрө имнэнэр» диэн өссө ыччаттар күлсэн барбат буолаллара. Мин кини куолаһа ырааһын, күүстээҕин сөбүлүүрүм, оттон нуучча дьүөгэлэрим ырыаларын сөбүлээн, тэҥҥэ ыллаһан кэлэллэрэ. Полад Бюль-Бюль Оглы, Муслим Магомаев куоластарын бу истэрбиттэн, кинилэри илэ көрөрбүттэн олох оҕолуу дьоллонорум. Сангаарга интэринээккэ кинилэр былас­тыыҥкаларынан “танцылыыр” этибит буоллаҕа. Ити эдэр сааспар “уонна хаһан…” диэн санаа­нан салайтаран, кэнсиэр­дэри көтүппэккэ сылдьыбыппыттан, билигин наһаа астынабын. Бу олоххо үтүөнү, кэрэни иҥэринэн иһиэххэ наада.

“Шпагат түһэбин, “стойка” тэбэбин…”

– Соторутааҕыта сиэн­нэргин кытта төбөҥ үрдүгэр тураргын көрөн баран, наһаа да соһуйбутум…

– Эһиил 70 сааһын үбүлүөйдүүр киһи диэ! Шпагат түһэбин, “стойка” тэбэбин. “Стойканы салгыҥҥа тэбэр этим ээ. Атахпын истиэнэҕэ быраҕаат, өйөбүлэ суох хас даҕаны мүнүүтэ турабын. “Пресс” хачайдыыбын, “приседание” оҥоробун, атахпын ыытан баран, төбөбүнэн муос­таҕа турабын. Ол кэнниттэн туран кэлээт, төбөбүн тобукпар тиэрдэбин.

– Киһи истэ-истэ дьулайыах. Оҕо сааскыттан дьарыктанар буолан итинник имигэс буолуоҥ?

– Суох, доҕор, 60-чабар чугаһаан баран! 56 сааспар тобуктарым, атаҕым сүһүөхтэрэ ыалдьар буолбуттара. Аны ол ыарыыга эбии илиим холбосто, хаҥас илиим олох тугу даҕаны көтөхтөрбөт буол­ла. Бороҕон балыыһатыгар көрдөрбүппэр, “артрит уонна артроз” диэн быһаардылар. Ити курдук, ыарыты­йан, олох балыыһа киһитэ буол­бутум. Тэһэ кэйэн абытай­даах ыарыы этэ!  Мин дьолбор, икки хирург быраас куораттан кэлэн, күнүнэн көрөр-истэр буолбуттара. Миигин көрбүт хирург “сүһүөхтэриҥ хамсыы сылдьыахтаахтар, оскуо­ла физкултууратын курдуктан дьарыктары көрөн оҥоро сырыт», – диэн сүбэлээбитэ. Мин ­дьиэбэр кэлээт, дьарыктанардыы туруннум, чэпчэки соҕус ыйааһыннаах ханнык мал кэлиэй, мас арыылаах иһиппин көтөҕөн, дьарыктанан саҕалаатым. Бастаан биир илиибинэн, онтон иккис илиибинэн эрийэ сырыттым. Көннөрү физкултуура эрчиллиилэрин оҥордум. Онтон ыарыым улам сүтэн барда. Биирдэ өйдөөбүтүм – ханан даҕаны туох даҕаны ыалдьыбат. Онон мин 60 сааспыттан саҕалаан, сэрээккэлиир буолбутум. Эбиитин ыйааһыным түстэ.  Санаан көр, 146 см киһи 60-тан тахса киилэ этим.  Сүрүннээн аһылыкпын көрүнэбин.

Хамсаныы ыарыыттан быыһыыр

– Сарсыарда хаска туран күҥҥүн саҕалыыгыный?

– Олох эрдэ сытар буолан (киэһэ 9 чааска сытабын), сарсыарда 4 чааска ту­­раат, араадьыйабын холбуубун. Онтон – дьарыгым. Онно биир чаас барар. Кыратык трассаҕа тахсан сүүрэбин. Бастаан утаа дьонтон кыбыстарым, онтон үөрэнэн хаалбытым. Күн ортото эмиэ эрчиллэбин. Уопсайынан, өрүү хамсана сылдьабын. Бэйэни атаахтатар олох сыыһа. Оннооҕор олорон эрэ буолбакка, туран эрэ таҥнабын. Ити эмиэ бэртээхэй эрчиллии эбээт. Кэлин бытаарбыппын дуу диибин. 64 саас­таахпар билиҥҥибинээҕэр түргэн этим. Сэрээккэнэн эрэ муҥурдаммаппын. Үгүс киһини соһутуохпун сөп. Ол курдук, биирдэ Уус Алдан Түүлээҕэр аҕам саастаах дьон кэн­сиэрдээтибит. Миэхэ оригинальнай нүөмэри көрдөр диэн буолла. Тэтимнээх муусука тыаһаатын кытта, мин үөрү­йэх эрчиллиилэрбин оҥорон бардым. Дьонум олоппостон сууллан түһэ сыстылар – соһу­йуу-өмүрүү бөҕөлөр.  Кэнсиэр кэнниттэн илиибин-атахпын тутан көрө-көрө, «туох үлүгэрэй, аҥаардас эйиигин көрөн “дабылыанньабыт” үрдээтэ. Оттон эн мэйииҥ эргийбэт дуо?» диэтилэр. Итинник тэрээһиннэргэ тугу сатыырбын көрдөрөн, “өссө хойут буолбатах, саас ылла диэн баран ыһык­тынан кэбиһимэҥ” диэн са­­нааттан барыларын хамсаныыга ыҥыра сатыыбын. Дьиҥэр, киһи эрдэттэн хамнаннаҕына, ыарыыттан босхолонор кыахтаах.  Бастаан эрэ ыарыы­лаах, кыаллыбат курдук буолуоҕа. Кэлин хамсаныаххын эрэ баҕара сылдьыаҕыҥ.

“Дууһа сөбүлүүрүн талыахха…”

… Полина Находкина-Победаны кытта кэпсэтиини киһи хаһыат биир-икки балаһатыгар батарбат. Оннук интэриэ­һинэй олохтоох, бэйэтигэр тардар күүстээх. Кини бэртээхэй кэл­­лиэксиниэр – дойду устуоруйатын барытын киниттэн булуох­ха сөп, бэл, оскуолатааҕы тэтэрээттэрин кытта илдьэ сылдьар киһи буоллаҕа. Итиччэ элбэх көһүүттэн ордорон илдьэ сылдьара үгүс. Оттон тус олоҕун туһунан кэпсээнэ – индийскэй киинэ диэн сымыйа!

“Таптал араас буолар: кинигэни таптыыгын, ырыаһыты, суруйааччыны… Суруналыыһы – суруйарынан, дииктэри – куолаһынан. Ити курдук киһи ааҕа олоруон сөп курдук.  Саамай кылаабынайа – олоххо соҕотох хаалымаҥ. Бу – кырыыс. Киһи отут сааһыгар тиийдэҕинэ олоҕор аргыһын хайаан да буларга тардыһыахтаах. Ол эр-ойох буолан олоруу эрэ буолбатах. Оҕото ииттэ ыл – соҕотох хаалбатыҥ туһугар кырдьар сааскын эрдэттэн толкуйдуохтааххын. Киһи киһинэн олорор.

Сыл түмүктэнэн эрэр.  Ол аата сааспыт эбиллэр. Бу олох сокуона. Кырдьары көрсөргө киһи бэлэмнээх буолуох­таах. Бэйэни кыаныахха. Дууһа сөбүлүүрүн талыахха. Хайаан да сүрэххэ тапталлаах буолуохха: кинигэни, суруйааччыны, сааһырбыт учууталы, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыннарар үтүө киһини. Сааһын туппут уонна ыал буолбут оҕоҕо көҥүлү биэриэххэ. «Мин көмөлөстүм,   мин биэрдим» диэни олох туттумуохха. Киһи олоххо көҥүл буолуохтаах. Бу быраабыла­лары тутуһар буолан, толору дьоллоохпун”, – диэн сэһэргэһиибитин түмүктээтэ бүгүҥҥү ураты дьоруойум. Өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эдэрдии эрчимҥин туппутунан, дьоҥҥо сырдыгы эрэ саҕа сырыт, Полина Пантелеймоновна!

Полина-Победа

 БАРЫ БААР БУОЛУОҔУҤ!

 Тоҥ буортан, тоҥ муустан

Тутуһан туһа суох!

Туллуоҕа халандаар

Бүтэһик бу лииһэ!

Туллуоҕа Эргэ дьыл

Дьылҕатын быһааран,

Туллуоҕа Саҥа сыл

Суолларын арыйан!

Саараҥныыр санаабын

Утаҕын мин быстым!

Ситиһии ситимэр

Силиспин  таттардым!

Бу саҥа халандаар

Быыстарын бэрийдим,

Күлүктээх күннэргэ

Кириэстик туруордум.

Үөрүүлээх күннэргэ

Күн бэлиэ оҥордум —

Көрбүтүм халандаар

Бүтүннүү күн буолбут!

Мин таптыыр дьоннорбун

Сүрэхпэр кистээтим,

Мин тымныы салгынныын

Сэлэһэ дьаарбайдым.

Ириэриэм эйиигин

Мин сылаас тыыммынан,

Уулларыам кырыаҕын

Уйаҕас санаанан!

Саҥа дьыл кэлэрин

Кэрэхсии көрсүөҕүҥ!

Эһиил да бу күҥҥэ

Бары баар буолуоҕуҥ!

31.12.2022 с.

+1
116
+1
1
+1
1
+1
2
+1
3
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: