«Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска»: АЛРОСА уопута

Share

Саха сирин олохтоохторун үлэҕэ ылыы – АЛРОСА дьоһун суолталаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ. 2018 сылтан аҥаардас «Олохтоох каадырдары – бырамыы-сыланнаска» бырагырааманан алмааһы хостуур хампаанньаҕа хайыы үйэ 10 тыһыынчаттан тахса олохтоох киһи үлэҕэ киирдэ.

«Якутия» хаһыат кэрэспэдьиэ­нэ АЛРОСА-ҕа үлэлиир хас да олохтоох киһини кытары кэпсэтэн, хампаанньаҕа үлэлээн дуоһунаска тиксии хайдаҕын, үлэҕэ-хамнаска ханнык билии уонна хаачыстыба ирдэнэрин интэриэһиргээтэ.

«Үлэҕин сөбүлүүр буолуохтааххын»

Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларын бүтэрбиттэри хам­паанньаҕа сыаналыылларын туһунан «Интернациональнай» рудник хайа үлэлэригэр кылаабынай инженерин солбуйааччы Василий Васильев этэр. Кини стратегичес­кай былааҥҥа уонна хайа үлэтин былаанын толорууга эппиэттиир.
Василий Васильев этэринэн, үөрэҕи бүтэрбиттэртэн аҕыйаҕа суох киһи салайар дуоһунаска үлэлиир. Кини: «Хампаанньаҕа” дьупулуому эрэ буолбакка, киһи билиитин уонна идэҕэ хаачыстыбаларын, үүнэргэ-сайдарга дьулуһуутун, үлэ судургута суох усулуобуйатыгар үлэлииргэ бэлэмин көрөллөр», – диир.
Василий хампаанньаҕа үлэтин хайа-байытар кэмбинээт электровоһун машиниһын үөрэнээччититтэн саҕалаабыта, салгыы хайа маастарынан, учаастак начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлээбитэ. Дуоһунаска тута өрө тахсыбатаҕа, Василий өр сылларга шахтаҕа үлэлээбитэ.
– Өскөтүн үлэһит бастыҥтан бастыҥ буолуон баҕарар буол­лаҕына, үлэтигэр толору бэри­ниилээх буолуохтаах. Биллэн турар, сыалы-соругу ситиһэргэ үлэтин сөбүлүүр буолуохтаах. Биир идэлээхтэрин уонна салалта итэҕэлэ олус суолталаах. Ол тута буолбакка, кэм кэрдии ааһыыта – уопуту, ситиһиини кытта кэлэр.
Василий эдэр исписэлиистэр ыарахантан куттамматтарыгар сүбэлиир.
«Бэйэҕэ эбии ноҕуруусканы уонна эппиэтинэһи ылартан куттанымыахха наада. Куруук хамнаһы эрэ көрбөккө, үлэҕэ үүнэр кэскили эмиэ учуоттуохха наада», – дии саныыр Василий Васильев.

Хампаанньа
үүнэр-сайдар кыаҕы биэрэр

АЛРОСА управлениетын аппаратын ТОиР (тиэхиньии­чэскэй хааччыйыы уонна өрөмүөн) блогун трансформациятын управлениетын сүрүн исписэлииһэ Юрий Михайлов Бүлүүгэ төрөөбүтэ. 2005 сылтан Мииринэйгэ олорор. 2010 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Уотунан хааччы­йыы идэтин «Хайа инженерэ» квалификациялаах бүтэрбитэ. Онтон 2019 сыллаахха Волгоградтааҕы гуманитарнай академияҕа «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сала­йыы» бырагырааманан социальнай эйгэ исписэлиистэрин бэлэмнээһиҥҥэ үөрэнэн диплом ылбыта.
Юра оҕо сылдьан, биир саас­тыылаахтарын курдук, космонавт буолуон баҕарара. Устудьуоннуур сылларыгар, «Мир» рудникка быраактыка кэнниттэн 2009 сыллаахха хайа инженерин идэтин баһылыырга быһаарыммыта. Кини үлэҕэ өрө тахсыыта 2010 сылтан «Интернациональнай» рудниктан саҕаламмыта. Электро­слесарь үөрэнээччититтэн саҕалаан, электрослесарынан, симиэнэ электромеханигынан, ствол электромеханигынан, ­учаастак начаалынньыгын солбуйааччынан үлэлээбитэ, учаас­так начаалынньыгын уонна рудник кылаабынай мэхээнньигин эбээһинэһин толорооччунан үлэлээбитэ. Ити сылларга элбэх тиэхиньикэҕэ уонна тэрилгэ: ха­­йа-дьөлө хаһар массыынаҕа, бэйэтэ хаамар тэрилгэ, араас тииптээх конвейердарга, көтөҕөр массыыналарга уонна дьону таһаарарга, хайа маассатын биэрэргэ үлэлээбитэ.
«АЛРОСА-ҕа үлэлиир кэммэр ордук чаҕылхай өйдөбүлүнэн аан бастаан сир анныгар түһүү уонна үөһэ тахсыы буолбута. Мин үлэбэр тутуһар тускулум: ыарахаттар бааллара, бааллар, баар да буолуохтара, биһиги ону кыайыахтаахпыт», – диэн Юрий Михайлов кэпсиир.
Юрий Михайлов – 2022 сыл алтынньытыттан ТОиР блок трансформацияҕа управлениетын сүрүн исписэлииһэ. Кини этэринэн, өрөмүөн үлэтэ – оҥорон таһаарар үлэҕэ биир сүрүн хайысха. Кини хамаандатын эбээһинэһигэр өрөмүөн сулуус­патын үлэлэтии уонна ороскуоту аҕыйатыы киирэр.
Юрий хампаанньаҕа олохтоох каадырдарга мэлдьи үөрэллэрин туһунан этэр:
«Кэнники бириэмэҕэ хайа бырамыысыланнаһыгар Саха сирин олохтоохторо элбээбиттэрин бэлиэтии көрөбүн, кинилэр бары хайысхаҕа сыстан ­үүнэллэр-сайдаллар. Элбэх киһи билинэр идэтийбит үлэһитинэн буолаллар. Ити киһини үөрдэр эрэ, тоҕо диэтэххэ, кинилэр хампаанньа уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопсай сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрэллэр».

Олохтоох каадырдарга наадыйыы элбиир

Николай Обулахов Ньурба улууһугар төрөөбүтэ, улааппыта уонна оскуоланы бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Мииринэйдээҕи политехническай институкка (ХИФУ салаата) «Хайа массыыналара уонна тэриллэр» идэни бүтэрбитэ. 2011 сылтан Мииринэй-Ньурба хайа-байытар кэмбинээккэ үлэлиир.
Үлэҕэ үүнүүнү суол-тутуу массыыналарын уонна тыраахтардарын өрөмүөннүүр силиэ­сэртэн саҕалаабыта. Сыл аҥаа­рынан кинини тиэхиньии­чэскэй хааччыйыыга уонна өрөмүөҥҥэ маастарынан анаабыттара. Николай билигин ыстаар­сай маастарынан (былааннаач­чынан) үлэлиир. Сиэрбиһинэн хааччыйыы киинигэр бүтүн кэмбинээт хайа-тырааныспар тиэхиньикэтин, кыра массыыналартан саҕалаан, улахан экскаватордарга, самосвалларга, анал тиэхиньикэҕэ тиийэ, өрөмүөннээһининэн уонна хааччы­йыынан дьарыктаналлар. Баахта ньыматынан, 28 күн устата үлэлиир. Тайҕаҕа бөртөлүөтүнэн уонна сөмөлүөтүнэн көтөн тии­йэллэр. Баахтаҕа аан бас­таан кэлиитэ кини олоҕун чаҕылхай өйдөбүлүнэн буоларын уонна хайа-байытар кэмбинээккэ олохтоох каадырдар элбээтэр элбээн иһэллэрин туһунан этэр. Үлэ кээмэйэ улаатарынан, штат эмиэ кэҥиир.
Николай хампаанньаҕа саҥа үлэһиттэри үөрэтэр бырагыраама олоххо киллэриллэрин, уопуттаахтар саҥа кэлбиттэри кынаттарын анныгар ылалларын уонна аҕа саастаах табаарыс быһыытынан саҥа миэстэҕэ сыстарыгар үөрэтэллэрин туһунан кэпсээтэ.
Николай – устудьуоннар быраактыкаларын салайааччы. Бырактыкааннарга үчүгэйдик үөрэнэллэригэр уонна тэҥинэн оробуочай идэлэри баһылыылларыгар баҕарар.
«Төһө кыалларынан үөрэх­куурус кэмбинээттэригэр тэ­­ҥинэн үөрэниэххэ уонна эбии хан­нык эмэ оробуочай идэни ба­һылыахха наада. Үлэҕэ үөрү­йэҕэ сылдьан, инженер идэтин ылар ыарахан. Холобур, силиэсэр, электрогазосварщик, токарь, стропальщик курдук эбии оробуо­чай идэлээх буоллаххына, үлэҕэ ылылларгар төһүү күүс буолар», – диэн Николай Обулахов сүбэлиир.
Кини этэринэн, базовай билии­гиттэн уонна үлэҕин таптыыргыттан ураты, истириэһи тулуйары, уларыйыыларга түргэнник эппиэттэһэри сатыыр буолуох­тааххын. Холобур, билигин хампаанньа бары подразделениеларыгар үлэ хаамыытын аптамаакка уонна сыыппараҕа көһөрүү барар. Николай бэлиэтээн этэринэн, итинник усулуобуйаҕа наадалаах үөрүйэҕи уонна хаачыстыбалары баһы­лаабыт үлэһиттэр дуоһунаска өрө тахсалларыгар эбии кыах бэриллэр.

Дмитрий ОСИПОВ суруйуутуттан тылбаас

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago