Олохтоох омук тыыннаах ситимин быспатарбыт ханнык…
Бүгүн – Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ. Бу күн 1994 сыллаахха Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин Генеральнай Ассамблеята Төрүт олохтоох омуктар уон сылларын биллэрбитэ уонна атырдьах ыйын 9 күнүгэр бэлиэтииргэ уураахтаабыта. Бу кэмтэн ыла норуоттар өбүгэлэриттэн бэриллибит дириҥ билиилэрин, култуураларын, тылларын-өстөрүн, үгэстэрин харыстыырга ураты болҕомто ууруллар.
Биллэн турар, Сахабыт сирин Хоту сирэ уонна Арктиката дойдуга стратегическай суолталаах, сайдарга саҥа кыахтары биэрэр. Манна алта төрүт олохтоох омук олорор — сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, долганнар уонна дьүкээгирдэр. Ол сиэринэн төрүт норуоттар бырааптарын көмүскүүргэ, олохторун-дьаһахтарын бары өттүнэн сүрүннүүргэ Дьокуускайга атырдьах ыйын 4-10 күннэригэр «Арассыыйа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттара. Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» диэн үөрэх бырагырааматын иккис түһүмэҕэ ыытыллар.
«Уопсастыбаннай дипломатия оскуолата» — төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар өйөбүллэригэр туһуланар киэҥ далааһыннаах бырайыак. Бырайыак чэрчитинэн норуоттар социальнай хайысхалаах дьоҕурдарын сайыннарарга, бырайыактыыр үлэ уопутун баһылыырга аныгы кэм бас-көс платформатынан буолан сирдиир. Оттон сүрүн сыалынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар интэриэстэригэр саҥа көлүөнэ былааһы уонна биисинэһи кытта хардарыта сыһыаннаһыыларын сайыннарар, норуоттарын интэриэстэрин туруулаһар ыччаттары, саҥа көлүөнэ лиидэрдэрин иитэн-үөрэтэн таһаарар, үлэни-хамнаһы тэрийэр бырайыактары көҕүлүүр.
Бу сырыыга Уопсастыбаннай дипломатия оскуолатын бырагыраамаларга дириэктэрэ Алексей Цыкарев, Национальностар дьыаларыгар федеральнай ааҕыныстыба эппиэттээх үлэһиттэрэ уонна Сахалинтан саҕалаан Ямал-Ненец аптаныамынай уокуругар тиийэ 15 эрэгийиэнтэн 45 саастарыгар диэри саастаах төрүт олохтоох омуктар 14 бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх бырагырааматын 29 полуфиналистара кытталлар.
Санатан эттэххэ, «оскуола» үөрэҕэ үс түһүмэҕинэн ыытыллар (Международные стандарты и повестка в сфере прав коренных народов; Коренные народы в социокультурных регионах мира; Национальная политика и устойчивое развитие коренных малочисленных народов России). 2024 сыл ыам ыйыттан муус устарга диэри ыраахтан олорон үс хайысханан үөрэхтээһин бастакы түһүмэҕэ буолбута. Билигин үөрэх иккис түһүмэҕин чэрчитинэн сугулаан кыттыылаахтара араас дискуссионнай былаһааккаларга, төгүрүк остуолларга, маастар-кылаастарга, көрсүһүүлэргэ, коуч-сиэссийэлэргэ сылдьаллар, ону тэҥэ төрүт омуктар бырааптарын бырамыысыланнаска, култуураҕа уонна төрүт үгэстэрин харыстааһыҥҥа бырааптарын кытта билсэллэр.
Бастакы күн бырагыраама иитинэн Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтин аактабай саалатыгар «Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу омуктар бырааптарын сокуонунан мэктиэлээһин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин холобуругар сокуону оҥорууга чорботуллар хайысхалар» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрээһини Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева ыытта. Үөрэх үһүс түһүмэҕин ыытыы, иккис түһүмэх финалистарын талан, бу сыл балаҕан ыйыгар Москваҕа МГФО МИД баазатыгар практическай дьоҕурдарын бөҕөргөтөр сыаллаах, ону тэҥэ тус сыаллаах федеральнай тэрилтэлэр үлэлэрин билиһиннэрэр соруктаах ыытыллара күүтүллэр.
Тэрээһини Арассыыйа Федерациятын Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи төрүт олохтоох омуктарын Ассоциацията уонна Тас дойдулар дьыалаларын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга судаарыстыбаннай институт Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктары өйүүр пуонданы уонна «Норникель» хампаанньаны кыттыһыннаран тэрийэллэр.
Елена Голомарева, Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Саха сирин холобуругар Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар бырааптарын мэктиэлээһинэ хас да сокуонунан хааччыйыллар. Ол курдук, Ил Түмэн иһинэн кэнники сылларга хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын өйөөһүҥҥэ Саха сиригэр барыта 20-тэн тахса сокуон оҥоһуллубута уонна олоххо киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ анаан-минээн Арктика уонна Хотугу норуоттар дьыалаларын сайыннарыыга министиэристибэ тэриллибитэ, Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боломуочунайын кытта күүстээх үлэ ыытыллар. Ити курдук, Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар бырааптарын сокуонунан өйөөһүн үлэтэ билигин да салҕанар. Холобур, атын эрэгийиэннэргэ суох өрөспүүбүлүкэҕэ «Көс ыалын туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 360 мөл. солк. көрүллэн табаһыттар хамнастара 7-8 тыһ. солкуобайтан 45-50 тыһ. солк. диэри үрдэтиллибитэ. Ону кытта бу күннэргэ «Арассыыйаҕа хотугу дьиэ табатын иитии» федеральнай сокуон барылын дьүүллэһиитэ барар. Бу сокуоҥҥа элбэх итэҕэстэр, быһаҕастар бааллар, ол иһин атын эрэгийиэннэри кытта саҥа ньымалары буларга үлэлэһэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: