«Олоҥхо-батл» күөх экраҥҥа

Share

Олоҥхо тоҕо үйэттэн-үйэҕэ бэриллэн иһэрий? Кини кэрэ, сырдык идеята уонна уус-уран тылын күүһэ норуоту, ыччаты, дьону угуйар кыахтаах. “Олоҥхо-батл” эдэр олоҥхоһуттар талааннарын, дьоҕурдарын көрөөччү киэҥ дьүүлүгэр таһаарар, бу уустук жанр аныгы кэми кытта сатаан дьүөрэлэһэр кыахтааҕын, сайдар кэскиллээҕин арыйар, дакаастыыр биир бастыҥ бырайыагынан буолла.

Балаҕан ыйын 23 күнүттэн Саха телевидениетигэр “Олонхо-батл” Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх түһүлгэтэ саҕаланна. Күрэх “Саха Өрөспүүбүкэтигэр 2020-2024 сылларга судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстыыр уонна сайыннарар” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тэриллэн ыытыллар. Эдэр олоҥхоһуттары киэҥ эйгэҕэ таһаарар, ааттыыр-суоллуур сыаллаах бырайыагы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников көҕүлээн иккис сылын Саха НКИХ ханаалыгар аһаҕас эпииргэ көрдөрөр. Бу дьоһун бырайыагы СӨ тас сыһыаннаһыыларыгар уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ өйөөн үп-харчы көрүллэр.

“Олоҥхо-батл” күрэх эдэр олоҥхоһуттар таһымнарын, төһө бэлэмнээхтэрин, тылларын-өстөрүн, билиилэрин-көрүүлэрин тургутар. Ыытааччылар Альберт Капрынов уонна былырыыҥҥы “Олоҥхо-батл” күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Анастасия Алексеева. Анастасия олоҥхону ыччат ылынарын, үөрэтэрин, олоҥхолуон баҕарар санаата күүстээҕин дакаастаан турар.

Биэс биэрии устата аһаҕас эпииргэ норуот тылынан уус-уран баайын, сүөгэйин-сүмэтин истиэххит уонна киирсиилэри көрүөххүт. Күрэххэ Өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан 10 толорооччу кытта сылдьар — Арчыман Номоҕон (Таатта), Айта Васильева (Мэҥэ-Хаҥалас), Михаил Шамаев (Бүлүү), Спиридианна Николаева (Үөһээ Бүлүү), Станислав Иванов (Мэҥэ-Хаҥалас), Диана Петухова (Уус-Алдан), Александр Ефремов (Амма), Сандал Прокопьев (Бүлүү), Анна Кириллина (Амма), Альберт Шестаков (Таатта). Кыайыылаах 500 тыһыынча солкуобайы, оттон “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аат хаһаайына 100 тыһыынча солкуобайы уу харчынан ылыахтара.

Саха тылын сүөгэйин-сүмэтин , баай тыллаах олоҥхобутун эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥэринэ “Олоҥхо-батл” күрэҕи алтынньы 21 диэри хас субуота ахсын Саха НКИХ ханаалыгар киэьээ 7 чаастан сэргээн көрүҥ, дуоһуйа сынньаныҥ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

5 часов ago