Хатаска “Олоҥхо – олохпут ситимэ” бырагыраама үлэтэ салҕанар

Share

Хатас нэһилиэгэ — сахалыы өйү-санааны олоҕун тутулунан (тылы-өһү илдьэ сылдьыынан, үгэстэри тутуһуунан уо.д.а) тутан олорор нэһилиэк. Ол туһугар биир санаанан түмсэн, сомоҕолоһон сыаллаахтык-соруктаахтык, үтүө түмүктэрдээхтик үлэлээһин, «Олоҥхо — олохпут ситимэ» диэн СӨ Култууратын министиэристибэтинэн бигэргэтиллибит бырагыраама баара буолар.

Бу бырагыраама чэрчитинэн төрүт үгэстэрбитин, төрөөбүт тылбыт сүмэтин-сүөгэйин сүтэрбэт туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, уйаара-кэйээрэ биллибэт куйаартан дуу күүс-уох буолбакка бэйэбит илиибит иһигэр баар кыаҕы – үтүө үгэстэрбитин, үөрүйэхтэрбитин умнубакка, хаҥыннарбакка сайдыылаах олохпут хардыытыгар тэбис-тэҥҥэ ханыылаһыннаран, алтыһыннаран сырыттахпытына төрөөбүт тыл сүтэр-симэлийэр куттала суох буолуутун үөскэтии буолар.


Хас биирдии омук, норуот бэйэтэ Аал луук мастаах, ол маһын силиһэ-мутуга, дириҥ лабаата элбээн, лаглайан кинини норуот быһыытынан атын дьону кытта бииргэ буоларыгар биир ньыгыл ойуур тыатын курдук буолар. Онтон сайдыылаахтар ээ диэн сайыһан, ол диэки салаллан, бастыҥнар ээ диэн ол диэки барсан, чулуулар ээ диэн ол диэки чугаһаан истэхпитинэ, кэлин тиһэҕэр хайа атын омук Аал луук маһын лабаата эрэ буолан хаалыахпытын сөп. Бу көстүү кистэл буолбатах – баар.

«Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагыраама сүүрбэччэ сыл быстыбакка, сүтэн-иҥэн хаалбакка ылбыт тэтимин ыһыктыбакка кэллэ. Ол кистэлэҥэ, мин санаабар, олоҥхо уйаара-кэйээрэ биллибэт дириҥ далай силиһигэр-мутугар сытар.

Бырагыраама кылаан чыпчаалын биир сырдык сардаҥата олоҥхону толоруу этэ. Сүүрбэччэ сыллааҕыта саҕалыырбытыгар олус ыраах курдуга… Ол гынан баран, эргиччи бары өттүттэн – эт-хаан, өй-санаа, сатабыл хайысхалара барыта биир сыалга-сорукка киирдэхтэринэ, ситии-хотуу буоларын туоһутунан 2022 сыллаахха С.А.Зверев-Кыыл Уолун “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхото испэктээк буолан туруорулубута буолар. Ол кэнниттэн РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, дьиҥ саха саарына, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо Герасим Семенович Васильев ис сүрэҕиттэн үтүөнү баҕаран күүс-көмө, тирэх буолаары сүбэлэһэн, сөбүлэһэн олоҥхону кэпсиир диэн өйдөбүл таһымыгар тахсар туһугар күргүөм ааҕыыга холонуу, үөрэнии саҕаламмыта. Сүбэ мунньах кэннэ С.С.Васильев-Борогонскай “Күн Эрили” олоҥхотун ылбыппыт. Түбүктээх үлэ Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕар бастакы хардыыны оҥорбута. Биллэн турар, билигин даҕаны тупсарыахха, көннөрүөххэ айылаах сыыһа-халты, ситэтэ суох диэн өйдөбүл баар бөҕө буоллаҕа. Ол гынан, «Тускуллар» ылсыбыты ыпсарар, туппуту тупсарар идэлэринэн бу хамсааһын сааһыланан, дьаарыстанан тупсан иһиэхтэрэ диэн эрэл улахан.
“Тускул” КК биир ситимҥэ баар Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинин атын кэлэктииптэрин кытта бииргэ үлэлэһэр, ордук таһаарыылаахтык айар-тутар суолбутугар Лариса Константинова Андреева салайааччылаах “Арчы” духуобунас киинин уонна Юрий Васильевич Спиридонов салайааччылаах “Үргэл” Арт галереяны кытта бииргэ алтыһабыт. Ол курдук, быйылгы 2023 сылга олоҥхоҕо анаммыт тэрээһиннэрбит оскуола оҕолоругар кэпсээһинтэн, маастар- кылаастартан, викторинаттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ дьонноро истиилэригэр “Тэтим” араадьыйа долгунугар тахсыы буоллулар. Манна биһиги куруутун алтыһар Саха араадьыйа эрэдээктэригэр Петрова Валентина Дмитриевнаҕа махталбыт муҥура суох. Тэрээһиннэрбит түмүктүүр түһүмэҕинэн сэтинньи 30 күнүгэр “Арчы” дьиэтигэр “Күн Эрили” олоҥхотун ааҕыыбытын толору видеоҕа устуу буолла бу “Тускул” КК Ютуб ханаалыгар көстүө, архыыпка киириэ. “Арчылар” бу тэрээһиҥҥэ сүрдээх үчүгэйдик, кыһамньылаахтык сыһыаннаспыттарыттан ис сүрэхпититтэн үөрдүбүт, махтана санаатыбыт. Көмүлүөк оһоҕу оттон хас биирдии саха киһитигэр ахтылҕаннаах оттук мас умайар тыһырҕас тыаһын иһиттибит, сылааһыгар сылаанньыйдыбыт.

Наталья РУФОВА

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago