Олоҥхо ыһыаҕа эһиил Нерюнгригэ ыытыллыаҕа

Share

Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгрига 2025 сыл от ыйын 4-5 күннэригэр ыытыллара быһаарылынна.

Сиэрин-туомун толоруутун, ыһыах аһыллыытын, сабыллыытын церемониятын сүрүн режиссерунан Руслан Тараховскай бигэргэтилиннэ.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников салайыытынан тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар тэрээһин боппуруостары көрдүлэр.

Бүгүҥҥү күннээххэ Култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ Олоҥхо институтун, Олоҥхо Ассоциациятын, Нерюнгри оройуонун кытта бииргэ бырааһынньык кэнсиэпсийэтин оҥорор сылдьаллар. Алтынньы 14-17 күннэригэр Нерюнгрига көһө сылдьар бөлөх баран үлэлээбитэ.

Олунньу 5-7 күннэригэр Нерюнгригэ билим-методическай кэмпэриэнсийэ ыытыллыахтаах, билигин онно бэлэмнэнэллэр.

Сергей Местников ахсынньы 1 күнүгэр диэри национальнай бырааһынньык кэнсиэпсийэтин, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар уонна спортивнай күрэхтэһиилэр испииһэктэрин  оҥорон, бигэргэтиигэ киллэрэллэригэр сорудахтаата.

Эппиэттээх биэдэмистибэлэргэ ыһыахха аналлаах эбийиэктэргэ барыларыгар хантараагы түһэрсиини бүтэрэллэригэр, сирин-уотун тупсарыытыгар ыытыллар үлэ былаанын оҥорон бигэргэтэллэригэр, Олоҥхо Ыһыаҕа-2025 брендбугун, эмбилиэмэтин бигэргэтиигэ киллэрэллэригэр соруйда диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

7 часов ago