Олорор дьиэтэ-уота суох дьон туойтан оҥоһуктары оҥоро үөрэннилэр
Бырайыак чэрчитинэн “Тирэх” Социальнай көрүү-истии өрөспүүбүлүкэтээҕи комплекснай киинигэр олорор дьиэтэ-уота суох дьон социальнай реабилитацияны, адаптацияны баралларыгар анаан туой мастарыскыайа тэриллибитэ.
“Бырайыак үлэтэ саҕаланыаҕыттан 300 киһиэхэ 100 дьарык ыытылынна. Бу дьон туой оҥоһуктары оҥорон, Дьокуускайга баар “Эрчим” күнүһүн сылдьар отделениеҕа уонна интэринээт-дьиэлэргэ бэлэхтээтилэр. Туойунан оҥоһугу оҥорорго, эргитэргэ киһи ньиэрбэтэ сынньанар, ыгылла, күүрэ сылдьара тохтуур, уопсай туруга тупсар, тарбахтарын сүһүөҕэр туһалаах”, — диэн кэпсээтилэр Социальнай көрүү-истии өрөспүүбүлүкэтээҕи комплекснай киинигэр.
Туой мастарыскыайын дьарыктарыгар социальнай өҥөнөн туһанар дьон үлэлиир үөрүйэхтэрин төннөрөллөр, туойга үлэлии, оҥоһуктары киэргэтэ үөрэнэллэр, айар-тутар, үлэлиир кыахтара арыллар, диэн иһитиннэрэр Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: