ОМС полиһынан чааһынай балыыһаҕа эмтэниэххэ сөп

Share

ОМС полиһынан судаарыстыбаннай балыыһаларга эрэ буолбакка, чааһынай клиникаларга эмиэ эмтэниэххэ сөп. Ол туһугар эмтиир тэрилтэ булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын Пуондатын реестрыгар киирэрин туһунан бигэргэтиилээх буолуохтаах.

Чааһынай клиникаларга полис көмөтүнэн туох өҥөлөрү ылыахха сөбүн олохтоох ОМС пуондатыгар эбэтэр талбыт клиникаҕытыгар билсиэххитин сөп.

Чааһынай клиникаҕа хайдах сыһыарыллыахха сөбүй?

Балыыһа кылаабынай бырааһын аатыгар сайабылыанньа суруйаҕыт, онно пааспаргыт, полискыт уонна СНИЛС ирдэнэр. Сайабылыанньаны 12 күн иһигэр көрүөхтээхтэр.

Атын эрэгийэҥҥэ регистрациялаах киһини балыыһаҕа сыһыарыыга аккаастыахтарын сөп дуо?

Судааарыстыбаннай да, чааһынай да балыыһаҕа атын эрэгийэнтэн эбэтэр куораттан сылдьаҕын диэн сылтаҕынан аккаастыыр бырааптара суох. Ол эрэн биири өйдүөх тустааххыт – ОМС көмөтүнэн балыыһаҕытын сылга биирдэ эрэ уларытар бырааптааххыт, үксүн уларытыы биричиинэтинэн атын сиргэ көһүү буолар.

Хаартыска Мария Васильева

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп

Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп. Бу нэһилиэктэргэ уопсайа 24 тыһыынча киһи олорор.…

16 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

11 суол быһылаана тахсан, үс киһи эмсэҕэлээтэ

Ааспыт сууккаҕа Дьокуускай куоракка 11 суол быһылаана тахсан, үс киһи эмсэҕэлээтэ. Муус устар 7 күнүгэр…

24 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха киинэлэрэ 106 мөл.солкуобайы киллэрбиттэр

2025 сыл саҕаланыаҕыттан саха киинэлэрэ  уопсайа 106 мөл.солкуобайы киллэрдилэр.  Балартан саамай элбэх харчыны киллэрэн, бастакы…

39 минут ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

«Услышать Победу» аахсыйа

Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр   Кыайыы 80 сылынан  «Кыайыыны истиэххэ» аахсыйа ыытыллар. “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр, сүүйүүлээх оонньуу, суолга киһи өлүгэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу уон  түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйдиэ сылдьар ыты көрдөххүнэ эрий!

Саас буолан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана куорат кытыы уулуссаларыгар эмиэ элбээбит. Хаһаайына суох сылдьар ыты…

1 час ago