Салгыы
Омуктуу тылынан суруйууну боптохторуна…

Омуктуу тылынан суруйууну боптохторуна…

18.01.2025, 10:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу уларыйыах курдук буолла.

Соторутааҕыта РФ Судаарыс­тыбаннай Дууматы спикерэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, нуучча тылын көмүскүүр сокуон быра­йыага бэлэмнэнэр. Ол курдук, Судаарыстыбаннай Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу докумуону оҥороругар култуура кэмитиэтигэр сорудахтаабыттар. “О внесении изменений в Федеральный закон “О государственном языке РФ” диэн.

Англицизмы бобуу

Бу докумуон оҥоһулуннаҕына, омук тылын туттуу аччыах­таах. Ордук уопсастыбаннай эйгэҕэ омуктуу саҥарыы бобуллуон сөп. Холобур, атыыга-эргиэҥҥэ нууччалыы тылы туттуу ирдэниэҕэ. Бу дьон олорор комплекстарыгар, бөһүөлэктэр, түөлбэлэр ааттарыгар эмиэ учуот­таныаҕа. Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бэлиэтээбиттэринэн, со­­куон бырайыагын олоххо кии­риитин түргэтэтии со­­куон барылын иккис ааҕыытын көрүүгэ эрэ быһаарыллар. 2023 сыл алтынньытыгар маныаха майгынныыр докумуону парламеҥҥа киллэрэ сылдьыбыттар. Ол эрээри докумуону көрүүнү 2024 сыл ыам ыйыгар көһөрбүттэр. 2023  сыл олунньутугар РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин нуучча тылын ханнык эйгэҕэ булгуччу­лаахтык судаарыс­тыбаннай тыл быһыытынан туттуу туһунан сокуоҥҥа илии баттаа­быта. Ол үөрэхтээһин, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай иһитиннэрэр сыаллаах систиэмэлэр, ону сэргэ табаары атыыла­һааччы, туһанааччы, өҥөнү оҥоруу, үлэ-хамнас эйгэтигэр. Маны таһынан, тустаах сокуон чунуо­бунньук саҥарар тылыгар-өһүгэр омук тылын туттууну бобор. Официальнай докумуон­нарга омук тылын туттуу хааччахтанар.

Хайптанары тохтотуохтара

Омук тылын биллэриилэргэ, киэҥ эйгэҕэ туттууну бобуу үлэтин 2023 сыллаахха ыам ыйыгар Краснодар куорат Дуумата саҕалаабыта. Ити күһүн балаҕан ыйыгар  бу нуорма олоххо киирбитэ. Бу идиэ­йэни Новосибирскай уонна Саратов былаас­тара өйөөбүттэрэ.

Социальнай ситим сайдыытын кытта араас суолталаах омук тыллара кииритэлээн барбыттара. Оҕолорбут, бэйэбит даҕаны киирии тыллар сорох суолталарын да ситэ өйдөөбөккө, күннээҕи олохпутугар туттубутунан барар идэлээхпит. Билигин оскуола оҕолоругар “кринж” (стыд), “хайп” (рекламаланыы), “чилить” (на расслабоне), “флексить” (киһиргиир), “изи” (чэпчэки, таах оҥоһуллар) о.д.а. тыллар үгүстүк туттуллаллар. Өйдүүбүн, 2017 cыллаахха туох эрэ быраа­һынньыгар  тамада “хайп” диэн саҥа тыл баарын кэпсии-кэпсии, “билигин бары хайптанабыт, бу тылы билэҕит дуо?” диэбитигэр, саалаҕа баар дьонтон ким да билбэт этэ. Оттон аҕыйах сыл иһигэр ити тыл төһөлөөх тарҕанан, күннээҕи олоххо кимэн киирбитэ буолуой?

Кэшбэк, кринж, амбассадор…

Омук тыллара тута киирэ охсон, күннээҕи олоххо туттарбытыгар солбуга суох курдук буолаллар. Ол курдук, кэшбэк, кринж, амбассадор о.д.а. тыллар билигин элбэхтик туттуллаллар. Күннээҕи олоххо омук тылларын туттарбыт таһынан, аны Дьокуускай куоракка баар үгүс маҕаһыыннар, кафелар, кулууптар бары омуктуу буукубанан суруллан тураллар. Улуустар кииннэригэр кытта оннук көстүү баар.

Маннык ырытан, ырыҥалаан көрдөххө, омук тылыттан киирии тыл элбэх. Холобур, уруккуттан туттар куурка диэн тылбыт польскай тылтан киирбит (быһыллыбыт, кылгас) диэн суолталаах. Зонтик – бу ХVIII  үйэҕэ голландскай тылтан киирэн баран олохсуйбут. Cүрүн суол­тата күн уотуттан харыстыыр “zon” күн уонна “dek” диэн сабыы диэн тылтан төрүттэммит. Үгүстэр нууччатыйан, устунан сахатыйан хаалбыттар. Оттон сокуон барыла ыйарынан, уопсастыбаҕа, киэҥ эйгэҕэ көстөр, маҕаһыыннар, кафелар ааттара-суол­лара нууччалыы буукубанан сурул­луон сөп диэн өйдөөтүм.

Сахалыы уонна нууччалыы эрэ

Ил Түмэн онус ыҥырыы­лаах пленарнай мунньаҕар СӨ Тыл туһунан сокуонугар уларытыылары киллэриигэ сокуон барыла ылыллыбыта.  Ол курдук, 1992 сыл алтынньы 16 күнүнээҕи сокуо­нугар уларытыылар кии­рэллэр. РФ гражданинын тус бэ­­йэтин туоһулуур докумуоннар, судаа­рыстыбаннай уорганнар, тэрилтэлэр ааттара, докумуоннар былааҥкалара, штемпеллэр тиэкистэрэ сахалыы уонна нууччалыы суруллар буолбуттара.

2024 cыл от ыйын 1  күнүттэн СӨ Ил Дарханын ыйаахтарын уонна бырабыыталыстыба уураах­тарын нууччалыы уонна сахалыы тылларынан таһаарар буолбуттара.  Судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстыыр уонна са­­йыннарар туһуттан үгүс үлэ ыытыллыбыта, үп көрүллүбүтэ.

Тус санаам

Биһиэхэ, Саха сиригэр, чуолаан Дьокуускайга, атыы-эргиэн кииннэрин, маҕаһыыннар, кафелар ааттара нууччалыы уларыйыахтаахтар дии саныыбын. Онон сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, тылы-өһү туттуу ырааһырыа, тастан киирии тыллар сыыйа аччаан барыа этилэр.

Айталина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаа­та, Гуманитарнай чинчийии уонна хоту омуктар кыһалҕаларын институтун старшай научнай үлэһитэ:

– Хайа да дойду, омук бэйэтин тылын көмүскүүрэ-харыстыыра сөптөөх. Холобур, Кытайга тыл полицията диэн баар. Сыыһа суруйбут буоллахтарына, ыстарааптыыллар, миэрэҕэ тардаллар.

Сэбиэскэй Сойуус эстиэҕиттэн арҕааҥҥы дойдулар сабыдыаллара күүһүрбүтэ. Үгүстүк омук тылынан тэрилтэлэри, маҕаһыыннары ааттыыллар, киирии тыллары нууччатыппакка, нуучча тылын кыаҕын туһаммакка эрэ, омуктуу хайдах баарынан тутталлар. Ити нуучча тылын суолтатын, престиһин түһэрэр. Дьоҥҥо-норуокка киһи ахсарбат тыла диэн өйдөбүлү иҥэрэр мөкү өрүттээх. Нууччалыы киһи сатаан тылбаастаабат тылларын, кырдьык, дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуо­нун туһунан туттуохха сөп. Оттон нууччалыы тылбаастанар тылы нууччалыы этэллэрэ ордук дии саныыбын. Арассыыйа үүнэр көлүөнэ ыччата бэйэтин тылын, култууратын, төрүт үгэстэрин ытыктыырыгар, киэн туттарыгар олук буолуо этэ. Саха тылыгар итинник сокуон баара буоллар.

 Петр Романов, Дьокуускай:

– Билигин уопсастыбаҕа омуктан киирии тыллары омуктуу суруйар бобулуннаҕына да, оҕолорбут син биир саҥарар буоллахтара. Араас муодунай омук тылларын аныгы ыччат, оҕолор хото саҥараллар. Сорох тылларын суолтатын киһи өйдөөбөт даҕаны. Туохха барытыгар бобуу, хааччах эрэ киирэн тугу эрэ хамсатар кыахтаах быһыылаах. Онто суох төрөөбүт да тылбытын умнуох курдукпут.

Айталина Егорова, Дьокуускай куорат, учуутал:

– Английскайдыы суруллар тыллар нууччалыы транскрипциянан суруллаллара ордук. Ол эрээри аллараа өттүгэр быһаарыы баар буолуохтаах дии саныыбын. Холобур, “Триумф” успуорт комплекса сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы суруллан турар. Оччоҕуна бу тыл суолтатын дьон өйдүүрүгэр туһа­лаах буолар. Биһиэхэ үгүс маҕаһыыннар, кафелар ааттара омуктуу суруллан баран быһаарыыта суох. Киһи өйдөөбөт тылларынан ааттыыллар, ону үгүспүт билбэт.

Василий Тимофеев, Хаҥалас улууһа, урбаанньыт:

– Мин саныахпар, омуктан киирии тыллары нууччалыы буукубанан суру­йуу судургутутар буоллаҕа. Уопсайынан да, маҕаһыыннары, аһыыр сирдэри омуктуу тоҕо ааттыахтаахпытый? Төрөөбүт тылбытынан сахалыы ааттыыр ама кыаллыбат үһү дуо? Син биир онно нуучча, саха эрэ дьоно кэлэн сылдьар, атыылаһар буол­лахтарына…

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 января
  • -43°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: