Онкология саҥа киинэ

Онкология саҥа киинэ

03.01.2024, 10:15
Хаартыска: Онкодиспансер пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар сыл аайы 14 тыһыынчаттан тахса эмтэнээччи сылдьар. Диспансер Арассыыйа бөдөҥ научнай-чинчийэр кииннэрин кытары үлэлиирин таһынан, Саха сирин ыраах сытар уонна мөлтөх суоллаах-иистээх улуустарын нэһилиэнньэтин доруобуйатын көрөр.

Биһиги кэнники биэс сылга онкология сулууспатын үлэтин-хамнаһын уонна сүрүн уларыйыылар тустарынан кэп­сииригэр диспансер кылаабынай бырааһа, СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүк категория­лаах онколог-хирург Татьяна Николаеваттан көрдөстүбүт.

Модернизация туһунан

– Биһиги кэлэктииппит нэһилиэнньэҕэ онкология көмөтө табыгас­таах уонна хаачыстыбалаах буоларын туһугар дьулуһар. Билигин онкология диспансерын оборудованиета аан дойду ирдэбилигэр сөп түбэһэр. Кэнники 5 сылга сулууспа куттал­лаах искэни эмтииргэ инники хардыылары оҥордо. Ол “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак көмөтүнэн уонна Ил Дархан, бырабыыталыстыба улахан өйөбүллэринэн ситиһилиннэ.
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан онкология диспансера мэдиссиинэ тэрилинэн толору хааччылынна. Биһиги диагнос­тикаҕа базабыт киэҥ хабаан­наах технологическай саҥардыы уонна аныгы тэриллэри ылыы көмөтүнэн саҥа таһымҥа таҕыс­та, ыарыыны эрдэ буларга уонна эмтииргэ үрдүк технологиялаах ньымалары олоххо киллэриини көҕүлээтэ.

Саҥа куорпус тутулунна

– 2018 сыллаахха радиотерапия отделениетын саҥардыы эрэгийиэн доруобуйатын харыс­табылын сайдыытыгар дьоһун суолталаах түгэнинэн буолла. Саҥардыы үлэтин кэмигэр саҥа куорпус тутулунна, куорпус иэнэ 2,5 төгүл ­улаатта. Онтон онкология ыарыылаахтар өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсыбакка эрэ, миэс­тэтигэр саамай аныгы тэриллэргэ радиология үрдүк таһымнаах эмтээһинининэн хааччыллар буоллулар.
Радиотерапия отделениетыгар химиолучевой терапия ахсаана 2 төгүл элбээтэ. Үрдүк технологиялаах радиотерапия саҥа ньымаларын туһаныы онкология ыарыылаахтарга мэдиссиинэ анал көмөтүн оҥоруу хаачыстыбата тупсарыгар уонна ыарыы содулун куттала аҕыйыырыгар тириэрдэр.

“Онкопоиск”

Саҥа бырайыактар тустарынан кэпсиэҥ дуо?
– СӨ Доруобуйа харыстабылын быһаччы өйөбүлүнэн кэккэ бырайыак үлэҕэ киирдэ. Бырайыактар соруктара – искэни эрдэ булуу, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анал уонна үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу. Диспансер испи­сэлиистэрэ 2020 сыллаахха “Онкопоиск” диэн онлайн-бырайыагы үлэлэппиттэрэ.
Онкопоисксаха.рф саайтка ким баҕа­рар киирэн нэһилиэнньэ өлүүтүн сүрүн төрүөтүнэн буолар искэн 6 сүрүн көрүҥэр (тыҥа, быар, эмиий, дьахтар киэлитин, самах былдьарха­йын, колоректальнай) анкетаҕа кыттыан сөп. Ыйытыы түмүгүнэн бырагыраама тус сыаллаах чинчийиигэ наадыйар дьону талар уонна мэдиссиинискэй чинчийиини барарга этии киллэрэр.
https://онкопоисксаха.рф платформаҕа билигин 21 тыһыынчаттан тахса киһи анкетаны ааста. Чинчийиини ааспыт дьон уопсай ахсааныттан искэн 38 түбэлтэтэ булулунна.

Онкодесант

Кутталлаах искэни буларга нэһилиэнньэ доруобуйатын чинчийэргэ “Онкодесант” көһө сылдьар үлэтэ салҕанар. «Онкодесант» өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар улуустарыгар ортотунан 14 төгүл сырытта. Ол курдук, 2023 сылга онколог-быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Таатта, Хаҥалас, Усуйаана, Бүлүү, Муома, Ленскэй, Үөһээ Дьааҥы, Мииринэй, Аллараа Халыма, Эбээн Бытантай, Үөһээ Халыма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Сунтаар улуустарыгар тиийэн, 3858 киһини көрдүлэр (2022 сыллаахха – 2 882). Кинилэртэн 246 киһини (2022 с. – 124) Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар доруобуйаларын эбии чинчиттэриигэ ыыттылар.

18 Киин аһылынна

2019 сылтан “Доруобуйа харыстабыла” Бэрэсидьиэн бырайыагын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ улуустааҕы балыыһалар базаларыгар онкология амбулаторнай көмөтүн 18 киинэ аһылынна. Диспансер бу кииннэри кытары биир ситимнээхтик үлэлиир, онкология ыарыылаахтары быһаарыы уонна эмтээһин боппуруостарын сүрүннүүр.

Диспансер Н.Н.Блохин аатынан онкология научнай-мэдиссиинискэй чинчи­йэр киинин уонна П.А.Герцен аатынан Москватааҕы научнай чинчийэр институт курдук онкология федеральнай кииннэрин кытары ыкса сибээһи тутуһан үлэлиир. Онкология ыарыылаахтары эмтээһин ньымалара Арассыыйа уопсай ирдэбилигэр сөп түбэһэллэр уонна ыарыыны эрдэтээҥҥи уонна хойукку стадиятыгар эмтиир кыаҕы биэрэллэр.

Суолталаах түгэн

– 2003 сыл түмүгүнэн эһиэхэ ханнык түгэн саамай суолталааҕый?
– Биллэн турар, саҥа Онкокилииникэ киинин тутуу. 26 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса иэннээх, 210 куой­каҕа радиология отделениелаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах тутуу “Онкология ыарыыларын утары охсуһуу” федеральнай бырайыак, “2020-2024 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн уонна СӨ бырабыыталыстыбатын улахан өйөбүлүнэн тутуллар.
Онкология килииникэтин киинигэр хирургия хайысхалаах 4 отделение аһыллыаҕа, манна мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн киллэрэн туран, сылга 4 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээссийэни оҥоруу былааннанар (билигин – 2 тыһыынча). Видеоэндоскопическай суһал орооһуулар 4К уонна 3D визуализациянан оҥоһуллуохтара.
Биллэн турар, поликлиника отделениетыгар амбулатория көмөтүн оҥоруу кээмэйэ улаатыаҕа. Билигин поликлиника симиэнэҕэ 144 киһи сылдьарыгар суоттаныллар буоллаҕына, саҥа Кииҥҥэ поликлиника 210 эмтэнээччини көрүөҕэ. Саҥа дьиэҕэ сылга 18 тыһыынчаттан тахса киһини көрөргө былааннанабыт.
Онкология киинэ эспиэр-кылаастаах диагностика тэриллэрин пааркатынан хааччыллыаҕа. Онкология киинин базатыгар саамай уустук малоинвазивнай суһал орооһуулары оҥорорго аныгы ангиографическай комплекс аан бастакытын баар буолуоҕа.
Биһиги Онкология саҥа киинэ аһыллыытыгар улахан эрэлбитин уурабыт. Киин биһиги өрөспүүбүлүкэбит онкологиятын сулууспата сайдарыгар сүрүн оруолу ылыаҕа.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: