Оҥоһуу өй (нейросеть) сахалыы саҥарарын туһугар

Share

Быйыл Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр «Ийэ тылгын харыстаа» диэн аахсыйа тэрилиннэ. Сүрүн сыала — куйаар ситимгэр сахалыы саҥа эйгэтин кэҥэтии, элбэтии. Национальнай бибилэтиэкэ уонна Арктикатааҕы ускуустуба, култуура института «Приоритет» бырагыраама чэрчитинэн, Оҥоһуу өй (исскуственнай интеллект) сахалыы өйдүүрүн туһугар бэрт кэскиллээх үлэни саҕалаабыттар. Оҥоһуу өй көмөтүнэн саха тылы үөрэтиэххэ, тылбаастыахха, видеолары сахалыы саҥардыахха, тиэкистэри суруйуохха сөп. 

Ол курдук, бибилэтиэкэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы  Василий Борисов «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесовка кэлэн ыалдьыттаан, кэпсээн-ипсээн барда.

Бастакы түһүмэххэ, Оҥоһуу өй сахалыы саҥаны өйдүүрүн туһугар, сахалыы саҥаны хомуйабыт. Салгыы бибилэтиэкэҕэ  түмүллүбүт, сыыппараламмыт, куйаар ситимигэр баар саха тыла-өһө барыта наарданан, Оҥоһуу өйгө өйүн эбиэҕэ, — диэн кини эттэ.

Онон сыыппара волонтердара баҕалаах дьонтон сахалыы саҥа уһуллубутун анал саайтка хомуйаллар. Аахсыйа киэҥник тарҕаныан, элбэх киһи саҥата хомуллуон наада. Бырайыакка киирбит аудио матырыйааллар сахалыы өйдүүр Оҥоһуу өй оҥоһулларыгар туһаныллыахтара.

Бу саайтка киирэн аах, бэрэбиэркэлээ. Дьонуҥ, доҕотторуҥ бары кытынныннар. Араас куолас наада. https://voice.nlrs.ru/ Бу саайтка киирэн, саҥаҕын хааллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

19 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

31 минута ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

39 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

49 минут ago