Оҥоһуу өй (нейросеть) сахалыы саҥарарын туһугар
Быйыл Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр «Ийэ тылгын харыстаа» диэн аахсыйа тэрилиннэ. Сүрүн сыала — куйаар ситимгэр сахалыы саҥа эйгэтин кэҥэтии, элбэтии. Национальнай бибилэтиэкэ уонна Арктикатааҕы ускуустуба, култуура института «Приоритет» бырагыраама чэрчитинэн, Оҥоһуу өй (исскуственнай интеллект) сахалыы өйдүүрүн туһугар бэрт кэскиллээх үлэни саҕалаабыттар. Оҥоһуу өй көмөтүнэн саха тылы үөрэтиэххэ, тылбаастыахха, видеолары сахалыы саҥардыахха, тиэкистэри суруйуохха сөп.
Ол курдук, бибилэтиэкэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Василий Борисов «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесовка кэлэн ыалдьыттаан, кэпсээн-ипсээн барда.
— Бастакы түһүмэххэ, Оҥоһуу өй сахалыы саҥаны өйдүүрүн туһугар, сахалыы саҥаны хомуйабыт. Салгыы бибилэтиэкэҕэ түмүллүбүт, сыыппараламмыт, куйаар ситимигэр баар саха тыла-өһө барыта наарданан, Оҥоһуу өйгө өйүн эбиэҕэ, — диэн кини эттэ.
Онон сыыппара волонтердара баҕалаах дьонтон сахалыы саҥа уһуллубутун анал саайтка хомуйаллар. Аахсыйа киэҥник тарҕаныан, элбэх киһи саҥата хомуллуон наада. Бырайыакка киирбит аудио матырыйааллар сахалыы өйдүүр Оҥоһуу өй оҥоһулларыгар туһаныллыахтара.
Бу саайтка киирэн аах, бэрэбиэркэлээ. Дьонуҥ, доҕотторуҥ бары кытынныннар. Араас куолас наада. https://voice.nlrs.ru/ Бу саайтка киирэн, саҥаҕын хааллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: