Орто Халымаҕа оҕолоох дьахтары быыһаатылар

Share

Олунньу 23 күнүгэр Орто Халыма улууһугар быыһааччылар буурҕаҕа түбэһэн, тибиигэ хаайтарбыт, кыра оҕолоох дьахтары быыһаатылар. 

Саха сирин Быыһыыр сулууспата.

Сарсыарда Быыһыыр сулууспа төлөпүөнүгэр иһитиннэрии кэлбитэ: Орто Халыма улууһун Сылгы Ыытар дэриэбинэтиттэн түүн 12 чаас саҕана икки пассажирдаах (дьахтар уонна кини икки саастаах оҕото) массыына айаннаабыт эрээри, Орто Халыма куоратыгар тиийэн кэлбэтэх.

Саха сирин Быыһыыр сулууспатын Халыматааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин быыһааччылара вездеходка олорон, тута көрдүү барбыттар.

Таһаҕас тиэйэр массыынаны кинилэр «Алыбино» диэн сиргэ турарын булбуттар. Дьон туруга үчүгэй, мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйбатахтар.

Саха сирин Быыһыыр сулууспата

Олунньу 22 күнүгэр дьахтар сиэнин кытта таһаҕас массыынатыгар олорсон, куоракка барсыбыттар. Буурҕаттан сылтаан, суолларын тибэн, салгыы айанныыр кыахтара суох буолан, суолу ыраастыыр массыына кэлэрин кэтэһэн олорбуттар. Кинилэри кытта өссө 4 массыына кэтэһэн олорор эбит.

Быыһааччылар оҕону уонна дьахтары вездеходунан Орто Халыма куоратыгар аҕалан биэрбиттэр. Суоппардар массыыналарын хаалларартан аккаастаммыттар, салгыы суолу ыраастыыр массыынаны кэтэһэ хаалбыттар. Быыһааччылар кинилэргэ бородуукта хаалларбыттар.
Саха сирин Быыһыыр сулууспата айанныах иннинэ күн-дьыл туругун билсиһэргэ ыҥырар. Ыраах айаҥҥа массыынаны көрүнэн, алдьанар түбэлтэтигэр өрөмүөннүүр кэмпилиэги илдьэ сылдьан, ичигэс таҥаһынан, ас саппааһынан, испиискэнэн, сибээһинэн хааччынаргытыгар сүбэлииллэр. Чугас дьоҥҥутугар хаһан хоҥнубуккутун, ханна, хаска тиийиэхтээххитин биллэрэргит ордук.

Быыһыыр сулууспа нүөмэрэ — «112», эбэтэр, 8 (4112) 45-90-19.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

35 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

2 часа ago