Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА.
Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас 125 207 солкуобайга тэҥнэстэ. Бу туһунан «СахаСтат» иһитиннэрэр.
2023 сылга орто хамнас 110 230 солкуобай этэ. Онон сыл устата ортотунан 15 тыһыынча солкуобайынан үрдээбит эбит. Оттон Арассыыйаҕа 2024 сылга орто хамнас 87 952 солкуобайга тэҥнэһэр.
Саамай үрдүк хамнаһы ханнык эйгэҕэ ылалларый?
• сир баайын хостооһун — 194 922,0 солкуобай;
• таһаҕаһы тиэйии, харайыы — 137 301,0 солкуобай;
• финансовай, страховой эйгэҕэ — 135 450,5 солкуобай;
• идэтийбит, научнай, тэхиньиичэскэй эйгэҕэ — 134 659,6 солкуобай;
• тутуу — 131 952,2 солкуобай.
Орто хамнас — өрөспүүбүлүкэ туох баар үлэһитин хамнаһын эбэн баран, сууматын үлэһит ахсааныгар түҥэтиллэр.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Хаарчаана бэлэҕэ"…