Дьокуускайга оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин пуорума ыытыллар
Бүгүн, сарсын Дьокуускай куоракка “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин: үгэстэр уонна ыйыылар“ пуорум ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ барыта 800-тэн тахса уһуйаан үлэһитэ кыттар.
Тэрээһин аны күһүҥҥүттэн үлэҕэ киириэхтээх, саамай элбэх миэстэлээх үөрэх кыһатыгар – Н.И.Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх оскуолаҕа буолар. Пуорум үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн тус-туспа актовай лиэксийэлэр, кэпсэтиилэр, экспресс-сиэссийэлэр, бастыҥ уопуту үллэстиилэр тэрилиннилэр.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова иһитиннэрбитинэн, пуорум оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин ис хоһоонугар туһаайыллар. “Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үөрэх федеральнай саҥа бырагыраамата олоххо киирэр. Бу олус интэриэһинэй. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биир кэлим ирдэбил киирэр. Бэрт кылгас кэм хаалла.
Өрөспүүбүлүкэ интэриэһинэй бырайыактаах, ис хоһоонноох үлэлээх уһуйааннарынан биллэр. Бырайыактар ис хоһооннорун өрүү саҥардан иһэҕит, саҥа идиэйэлэри, ньымалары киллэрэҕит. Бастатан туран, айымньылаах үлэҕит, идэҕитигэр бэриниигит иһин махтанабын. Иккиһинэн, Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылларынан эҕэрдэлиибин”, — диэн пуорум аһыллыытыгар эҕэрдэтин тиэртэ, ситиһиилэри баҕарда. Итиэннэ харчыга үөрэтиэн баҕалаах тэрилтэ элбээбитин, үөрэтэр бырааптаах, көҥүллээх эрэ дьоҥҥо үөрэниҥ диэн бэлиэтээн эттэ.
СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ педагогтара эрэ буолбакка, дойду биэс атын субъегыттан уонна Арктика, ыраах улуустар иитээччилэрэ тэйиччиттэн олорон кытталларын эттэ. “Үөрэх эйгэтигэр сорук турар – оҕолор бары тэҥ хаачыстыбалаахтык сайдар, үөрэнэр кыахтарын тэрийии. Бу барыта нуорма-быраап аакталары, усулуобуйалары оҥоруу түмүгэр ситиһиллэр. Үөрэх саҥа федеральнай бырагыраамата уһуйаантан саҕалаан олоххо киирэр. Бу булгуччу толоруллуохтаах. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа бырагыраама киирэр. Икки күн устата инники күөҥҥэ сылдьааччылар уопуттарын көрүөхпүт, саамай сүрүнэ – теоретическай таһымҥа эрэ киллэрбэккэ, бырагыраама хас биирдии иитиллээччигэ тиийиитин ситиһии”, — диэн ыйда.
Дириэктэр санаатын кытта бочуоттаах ыалдьыт, Үөрэх мобильнай систиэмэлэрин институтун вице-бэрэсидьиэнэ, Судаарыстыбаннай Дуума оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ экспертнэй сэбиэтин чилиэнэ, “Просвещение” кинигэ таһаарар кыһа оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ бырайыагын салайааччыта Оксана Скоролупова сөпсөһөрүн биллэрдэ. “Үгүстэр дьэ, биир кэлим типовой бырагыраамаҕа төннөн эрэбит” — дииллэр. Урут бу оҕо саадтара ханна баалларыттан тутулуга суох бырагыраама барыта биир этэ. Бу типовой бырагыраамаҕа эрэгийиэн, төрүт култуура уратылара учуоттамматтар этэ. Билигин биһиги саҥа таһымҥа тахсабыт эрээри, саҥаны, уратыны учуоттаан ааспыкка төннүү буолар. Хас биирдии уһуйаан уратылаах, уопуттаах. Маны ылан сотон кэбиһэр бырааппыт суох, баар быраактыкаҕа олоҕуран саҥардабыт. Биһиги мэхэниисими кытта буолбакка, оҕону кытта үлэлиибит” — диэн эттэ.
Икки күн устата уһуйаан салайааччылара, иитээччилэрэ, педагогтара уопуттарын, санааларын үллэстиэхтэрэ, лиэксийэлэри истиэхтэрэ, долгутар ыйытыыларыгар хоруйдары, быһаарыылары ылыахтара. Уопсайынан, 800-тэн тахса үлэһит Саха сиринээҕи оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин систиэмэтин саҥалыы сайыннарыыга үөрэниэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: