Салгыы
Оскуола үөрэнээччилэрэ “дядя Захартан” суоһурҕанар ис хоһоонноох суруктары туталлар

Оскуола үөрэнээччилэрэ “дядя Захартан” суоһурҕанар ис хоһоонноох суруктары туталлар

24.10.2024, 15:40
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Куттала суох интэриниэт лигатын салайааччыта, Арассыыйа уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Екатерина Мизулина, дойду оскуолаларын үөрэнээччилэрэ ханнык эрэ “дядя Захартан” суоһурҕанар ис хоһоонноох суруктары туппуттарын туһунан иһитиннэрэр.

Ити курдук ис хоһоонноох суруктары оҕолор электроннай сурунаалга туппуттар. Суруктар Тобольскай, Улан Удэ, Йошкар Ола, Калининград о.д.а. куораттар оҕолоругар кэлбитэ бэлиэтэммит.

“Спам элбэх сиргэ тарҕаммыт. Платформата арааһын иһин, бэйэ-бэйэлэрин кытта туох эрэ ситимнээх буолуохтарын сөп. Кэлбит суруктартан сылыктаатахха, Украина ЦИПСОтан буолбакка, хакер оҕолор үлэлэригэр майгынныыр” – диэн кини тус телеграм ханаалыгар суруйар.

Салайааччы, бу эрэгийиэн таһымнаах кыһалҕа буолбатаҕын ыйан туран, ФСБ быһаарсарыгар көрдөспүт.

Биир курдук, хара санаалаахтар учууталлар суруйар ситимнэрин баһылаабыттар дииллэр. Иккис курдук, систиэмэ үлэтигэр кэһиллии тахсыбыт дэһэллэр. Сорох судаарыстыбаннай сыаналаах оҕолорго кылыгырас “биэс” туран хаалбыт.

Суоһурҕанар ис хоһоонноох суруктары туттаххытына, оскуола салалтатыгар иһитиннэриҥ эбэтэр полицияҕа тыллааҥ диэн сүбэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
8
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: