Оскуолаларга сэллик ыарыыта суох

Оскуолаларга сэллик ыарыыта суох

22.10.2024, 15:33
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускай куорат үгүс оскуолаларыгар сэллик ыарыыны булбуттар, Сайсары оскуолата сабыллыбыт үһү диэн соччото суох сонун социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна.

Манна Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениета туох диэн хоруйдууруй?

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэҕин управлениета: “Тустаах иһитиннэрии оруна суох. Управление уопсай үөрэхтээһинин салаата оскуолаларга күннэтэ ыарыы баарын-суоҕун кэтээн көрөр. Алтынньы 21 күнүнээҕи туругунан, кириибинэн уонна ОРВИнан 6 кылаас 143 үөрэнээччитэ тэйиччиттэн көрүҥүнэн үөрэнэ олорор.

Сэллик ыарыынан харантыын биллэриллибэтэҕэ. Сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин эппиэтинэскэ тардыллыахха сөбүн туһунан умнумаҥ”, – диэн Үөрэх управлениетын ТГ быһаараллар.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: