Салгыы
Остуруок турбут сиригэр археологическай хаһыы ыытыллыаҕа

Остуруок турбут сиригэр археологическай хаһыы ыытыллыаҕа

12.03.2024, 18:22
Хаартыска: Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбиийэктэрин харыстааһын департамена.
Бөлөххө киир:

Урут Дьокуускайдааҕы остуруок турбут сиригэр — Каландаришвили уулуссатын уонна Марк Жирков переулогын быһа охсуһууларын диэки, Опера уонна балет тыйаатырын кэннинэн археологическай хаһыылар ыытыллыахтара. Бу сиргэ кэлин элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Ол иннинэ 2000 кв.м. иэннээх сиргэ археологическай хаһыы ыытыллара оруннаах диэн Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр департамена иһитиннэрэр.

Дьокуускайдааҕы остуруок 2016 сылтан өрөспүүбүлүкэ археологическай нэһилиэстибэтин эбийиэгэ буолар. Остуруок 17-с үйэҕэ тутуллуоҕуттан, куорат килбэйэр киинэ буолар. Онон түөрт үйэ кэриҥэ кэм устата олох-дьаһах хайдах эбитин археологтар буор араҥаларын  быыһыттан булан таһаарыахтара.

Куорат атын сирдэригэр ыытыллыбыт археологическай хаһыылартан оччотооҕу дьон тутта сылдьыбыт маллара-саллара көстүбүтэ. Ол онтон кинилэр хайдах олорбуттара, тугу аһаан-таҥнан сылдьыбыттара, хайдах дьиэлэргэ олорбуттара көстөн кэлэр. Дьокуускайдааҕы остуруок үрэллибит сэмнэҕэ 20-с үйэ саҥатыгар диэри турбута биллэр, хаартыскаларга көстөр.

Бу сиргэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни «Голдлайн» хампаанньа тутуохтаах. Өскөтүн археологическай хаһыыларга туох эрэ сыаналаах көһүннэҕинэ, дьиэни тутуу өссө тохтотуллуон сөп. Онон, дьиэ тутулларыгар көҥүл  археологическай хаһыы түмүгүнэн бэриллиэҕэ.

Улахан таас дьиэ өссө биир үйэ турар кэриҥнээх. Онон тутуллуон иннинэ археологическай хаһыылары оҥорон, куораппыт устуоруйатын чинчийэр, дьиҥнээх эспэнээттэри булар улахан суолталаах. Ким билэр, баҕар, археологтар олус сыаналаах эспэнээти булан таһаарыахтара?

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 апреля
  • -4°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 54% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: