«ОТОН.фест» бэстибээл иитинэн «Мин Сахам сирэ» билиини-көрүүнү тургутар оонньуу ыытыллыа

Share

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр күнүс 15:00 ч. Ем.Ярославскай аатынан түмэл билиини-көрүүнүтургутар «Мин Сахам сирэ» дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт оонньууга кыттарга ыҥырар.

Бу «ОТОН.фест» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн патриотическай бэстибээлин иитинэн ыытыллар. Билиини-көрүүнү тургутар оонньууга төрөөбүт дойдуларын историятыгар, култууратыгар сыһыаннаах ыйытыылар баар буолуохтара.

Ирдэнэр усулуобуйа:

— дьиэ кэргэн хамаандата, 3-5 киһи кыттар;
— квиз сааһыттан, интэриэһиттэн тутулуга суох барыларын сэргэхситиэ;
— эрдэттэн регистрацияланаллар.

Сэргээбиттэр, сэҥээрбиттэр: 42-51-74 төлөпүөҥҥэ эрийэн чопчулаһыаххытын сөп.

Ыытыллар сирэ: Ленин пр. 5/2, сүрүн куорпуска.

Санатан эттэххэ, «ОТОН.фест» дьиэ кэргэн патриотическай бэстибээлэ Саха сиригэр Оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылларынан өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар атырдьах ыйын 22 — балаҕан ыйын 27 күннэригэр буолар. Бу өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэттэрин култуурунай сынньалаҥынан түмэр, саҥа үөрэх дьылын көрсө күүһү-уоҕу биэрэр сыаллаах-соруктаах ыытыллар.

Бэстибээл тэрээһиннэрэ национальнай бибилэтиэкэ, оҕо бибилэтиэкэтэ — «ДТК — ааҕар киин», өрөспүүбүлүкэ бары түмэллэригэр уонна бибилэтиэкэлэригэр, Ем.Ярославскай аатынан түмэл, Национальнай художественнай түмэл, киинэ тыйаатырдарын, тыйаатырдар былаһааккаларыгар ыытыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

5 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

5 часов ago