Салгыы
Отонноох үүнээйигэ С битэмиини чинчийбит

Отонноох үүнээйигэ С битэмиини чинчийбит

18.03.2023, 16:30
Хаартыска: Абрамовтар тус архыыптарыттан.
Бөлөххө киир:

Киһи этигэр-хааныгар битэмиин тиийбэтэ ордук саас биллэр. Иммунитеты бөҕөргөтөр битэмиин сибиэһэй фруктаҕа, оҕуруот аһыгар эрэ баар курдук өйдөбүл үөскээтэ, олохтоох отонноох үүнээйилэрбитин эбилик эрэ курдук көрөр буоллубут. Амма улууһун Ф.Е.Лобанов аатынан Чапчылҕан орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Алиса Абрамова бэйэтин улууһугар үүнэр ханнык отоҥҥо С битэмиин элбэҕин чинчийэн көрбүт.

Уруһуй

Алиса Чапчылҕан орто оскуо­латын туйгун үөрэнээччитэ. “Кылааспытыгар уон алтыабыт, кыргыттар төрдүөбүт эрэ. Кылааспыт салайааччыта – нуучча тылын учуутала Елена Иннокентьевна Стручкова.

Сөбүлүүр биридимиэтим биология, алгебра, физика. Былырыыҥҥа диэри бу биридимиэттэри соччо сэҥээрбэт этим. Быйылгы үөрэх дьылыттан үчүгэйдик өйдүүр буоллум. Анатомияны интэриэһиргиибин”, – диэн Алиса кэпсээнин саҕалыыр.

Алиса үөрэҕин таһынан уруһуйдуур, сайынын айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр, хаартыс­каҕа түһэрэр, йоганан дьарыктанар. Иосиф Сталины үүт-­маас уруһуйдаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска үһүс миэстэни ылбыт. “Худуоһунньук буолар санаам суох эрээри, хобби быһыытынан дьарыктанабын. Ордук мэтириэти, айылҕа көстүүтүн, дьону уруһуйдуурбун ордоробун, сүрүннээн ойуулук истиилин туһанабын. Бу иннинэ харан­дааһынан, уруучуканан уруһуйдуурум, билигин гуаһы туһанарга холонобун”, – диэн кэпсиир. Маны таһынан, илиитинэн араас оҥоһуктары айан таһаарар, улууска өрүү миэстэлэһэр. Ол курдук, оҥоһуктарыгар оҕу­руону, айылҕа матырыйаалларын туһанар.

Чинчийэр үлэ

Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпи­риэнсийэҕэ “Титрование ньыматынан Саха сирин отон­ноох үүнээйилэригэр аскорбиновай кислотаны быһаарыы” диэн тиэмэнэн 3-с истиэпэннээх дьупулуомунан наҕараадаламмыта. Аныгы кэмҥэ да, дьыл баччатыгар даҕаны саамай суолталаах тиэмэ.

Чинчийэр үлэнэн ааспыт сылтан дьарыктанар. “Чинчийэр олус интэриэһинэй эбит. Салайааччым – химия учуутала Анна Николаевна Степанова. Чинчийии кэмигэр киһи элбэх саҥаны билэр. Холобур, мин химияҕа титриметрическэй анаалыс диэн тугун, хайдах оҥоһулларын биллим. Саамай сүрүнэ, бэйэм интэриэһиргээтим”, – диэн этэр.

Отону Алиса төрөппүттэрин кытта бэйэтэ хомуйбут. Учуутала Анна Николаевна научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан көрөргө сүбэлээбит, сөптөөх тиэмэлэри сыымайдаабыттар.

“Тиэмэ толкуйдуур кэммитигэр оруобуна тымныйан ылбытым. Онон доруобуйаны бөҕөргөтөр битэ­мииннэр туһунан тиэмэни таларга санаммытым. Уонна атыылаһарга эбии үп-харчы да барбат, отон барыта бэйэбитигэр баар, өрөспүүбүлүкэ олох­тоохторугар даҕаны туһалаах тиэмэ.

Чинчийэргэ араас отоннору ылбытым. Үгүстэр С битэ­миин ордук хаптаҕаска элбэх дииллэрэ. Биһиги маны бэрэбиэркэлээн көрбүппүт. Ол түмүгэр хаптаҕас аһыы эрээри, С битэмиинэ аҕыйаҕын билэн улаханнык соһуйбутум. Саамай элбэх аскорбиновай кислота дөлүһүөҥҥэ уонна моонньоҕоҥҥо баар эбит. Онтон сиэттэрэн дөлүһүөн уонна моонньоҕон хаптаҕас курдук аһыы буолбатахтар эрээри, С битэмииннэрэ тоҕо элбэҕий диэн интэриэһиргээбитим. Чинчийиим көрдөрбүтүнэн, хаптаҕаска саахара аҕыйах эбит», – диэн быһаарда.

Титрование ньыматынан

Аскорбиновай кислота төһө элбэҕин хайдах быһаарбытын туһунан ыйыталаспыппар маннык кэпсиир: “С битэмиини титрованнай анаалыс ньыматынан быһаарбытым. Маҥнай ууга суурайыллар аскорбиновай кислотаны ылбыппыт. Табыллыбатаҕа. Салайааччым Анна Николаевна убаҕас аскорбиновай кислоталаах ампулалары аҕалбыта. Биһиги икки капсуланы туһаммыппыт.

Бастатан туран, 5 % йод суурадаһынын 40 төгүл убаппыппыт. Иккиһинэн, уулаах отонтон, хаптаҕастан, дөлүһүөнтэн, сугунтан, дьэдьэнтэн, моонньоҕонтон, боярышниктан суурадаһыннары бэлэмнээбиппит. Үсүһүнэн, анаалыс оҥоруохпут иннинэ отонноох суурадаһыммытыгар саҥа бэлэмнэммит крахмал суурадаһынын куппуппут. Аскорбиновнай кислоталаах суурудаһыҥҥа йодтаах ууну таммалаттахха өҥө уларыйбат. Аскорбиновай кислота барыта аһыйдаҕына, йод чинчийиллэр суурадаһыны халлаан күөх өҥҥө уларытар. Холобур, 250 мл куолбаҕа 20 мл отон суогун суурадаһынын кутабыт, онно 2 мл крахмал суспензиятын эбэбит. Анал лабораторнай иһиккэ (бюретка) йод суурадаһынын кутабыт. Булкуйа-булкуйа хааппыланан бытааннык йод суурадаһынын таммалатабыт, чинчийэр састаап­пыт хал­лаан күөх өҥнөнүөр диэри кутабыт. Биллэр күөх өҥнөннөҕүнэ, ол аата титрование бүппүт”, – диэн Алиса быһаарар.

“Инникигэ хардыы” куонкуруска

Алиса өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкуруска аан маҥнайгытын кыттар буолан, бастаан долгуйбутун этэр. Улуустааҕы түһүмэххэ миэс­тэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ кыттар дьолун билбит.  “Миэнин курдук тиэмэлээхтэр бааллар этэ, онон кыратык долгуйан ылбытым. Кыттааччы чинчийбитин таһынан тиэмэтин эспиэрдэргэ хайдах кэпсиириттэн, ыйытыыларга хоруйдууруттан эмиэ улахан тутулуктаах эбит”, – диэн санаатын үллэстэр.

Түмүк

Саха сирин олохтоохторо сибиэһэйдии тоҥоруллубут отону бэйэтинэн эбэтэр барыанньалаан сиибит. Онон Алиса бу үлэтигэр сибиэһэй буолбакка, тоҥоруллубут отоннорунан чинчийии оҥорбут. Билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох.

“С битэмиин киһи иммунитетын бөҕөргөтөр буолан улахан оруоллаах. Аскорбиновай кислота киһиэхэ хас күн ахсын ирдэнэр. Маны киһи күннээҕи аһыыр аһылыгынан эбэтэр битэмииннэринэн толорунуон сөп. Чинчийиим түмүгэр ордук элбэх аскорбиновай кислота дөлүһүөҥҥэ уонна моонньоҕоҥҥо баара билиннэ. Онон ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр инниттэн дьаҥ тарҕанар кэмигэр бу икки отонтон оҥоһуллубут утахтары иһиэххэ, барыанньалары сиэххэ сөп”, – диэн тус чинчийиитин түмүгэр быһаарбыт түмүгүттэн үллэстэр.

Алиса тиэмэтин салгыы чиҥэтэр, дириҥэтэр былааннаах. Ол курдук, оҕуруот аһын, фруктаны тэҥнээн көрөр баҕалаах. Маҥнай бэтэринээр, тылбаасчыт буолуон баҕарар эбит буоллаҕына, быйыл санаатын уларытан, быраас идэтин баһылыыр толкуйдааҕын этэр. Маныаха бастакы хардыыны оҥорбут – Саха сирин отонноругар С битэмиини чинчийэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: