Балаҕан ыйын 14 күнүгэр күнүс 2 чаастан Дьокуускай куорат култуура, сынньалаҥ пааркатыгар аан бастаан байаан, аккордеон, хормуоска доҕуһуоллаах «Күһүҥҥү дьүрүскэн» («Осенние созвучия») диэн кэнсиэр буолар. Манна Ускуустуба оскуолатын үөрэнээччилэрэ, ырыа айааччылар, аккомпаниатордар, толорооччулар, виртуоз-муусукааннар кытталлар.
Кэнсиэри Саха сиринээҕи Баянистар, аккордеонистар, хормуоскаһыттар холбоһуктара тэрийэр. Ыытааччы — муусука ырытааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Индигирскэй.
Кэнсиэр үс түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастаан оҕо ускуустубатын оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, иккис түһүмэххэ мелодистар, доҕуһуолдьуттар толоруохтара. Онтон үһүс түһүмэххэ Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга ыытыллыбыт баянистар уонна хормуоскаһыттар күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтара, лауреат үрдүк аатын сүкпүт виртуоз-муусукааннар оонньуохтара.
Бырагыраама уһуна 4,5 чаас устата буолуоҕа. Киириитэ босхо, тэҥҥэ ыллаһыахха, үҥкүүлүөххэ да сөп. Онон сүрдээх интэриэһинэй кэнсиэр буолара күүтүллэр.
— Маннык кэнсиэри аан бастаан тэрийэбит. Бу биһиги холбоһукпут тэрээһинэ буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр баянистар, аккордеонистар уонна хормуоскаһыттар, киэҥник биллэр мелодистар, оҕо муусукаалынай оскуолаларын үөрэнээччилэрэ — Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан уонна хотугу улуустартан кэлэн, кыттыахтара. Эдэриттэн-эмэнигэр тиийэ, барыта 70-ча кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. Саха сиригэр хаһан да буолбатах улахан тэрээһин буолаары турар.
— Тоҕо, туох сыалтан маннык киэҥ хабааннаах бырайыагы тэрийэҕитий?
— Кэнники сылларга улуустарга муусукаалынай оскуолаларга уонна муусукаалынай училищеҕа, АГИКИ-га байаан, аккордеон, хормуоска кылаастарыгар киирии биллэ аҕыйаата. Сорох муусукаалынай оскуолаларга оҕо киириитэ суоҕун кэриэтэ. Онтон сиэттэрэн, бүтүн саха норуотугар сырдатыы үлэтэ күүскэ барарын туһуттан, аан бастакытын бу курдук киэҥ хабааннаах, норуодунай кэнсиэри ыытарга быһаарбыппыт.
Сахабыт сирин хас биирдии нэһилиэгэр, дьиэ кэргэнигэр, туох баар үөрэх кыһаларыттан саҕалаан, бу үс үнүстүрүмүөн хайысхаларынан күүстээх сырдатар үлэ барыан наада. Тоҕо диэтэр, бу үс үнүстүрүмүөн инникитэ, сарсыҥҥыта үйэтийэрин, үүнэр көлүөнэ уонна ыччат суолтатын өйдөөн, инникитин сайыннарарын туһуттан маннык курдук киэҥ хабааннаах тэрээһин сылга саатар биирдэ, үлэ-үөрэх саҥа дьылын саҕаланыытыгар буолара көдьүүстээҕэ саарбаҕа суох.
Атын омук дойдуларыгар, Арассыыйа атын сайдыылаах куораттарыгар, Башкирияҕа, Татарстаҥҥа байааннарын, аккордеоннарын, хормуоскаларын оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ национальнай үнүстүрүмүөн таһымыгар таһаардылар. Салалталара сүрдээҕин өйүүр, тоҕо диэтэр, бу үнүстүрүмүөннэр таһымнарын уонна үйэлээхтэрин, суолталарын өйдүүллэр. Хомойуох иһин, биһиги ити чааһыгар ырааҕынан хааллыбыт. Арай, интэриниэт ситимэ тохтоон хааллаҕына, эбэтэр, уот бардаҕына, бу үс үнүстүрүмүөн олус наадалаахтара көстөн кэлиэҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, үрдүкү сололоохторбут уонна култуура, үөрэх министиэристибэлэрэ тылынан буолбакка, олоххо киллэрэр, күүс-көмө буолар кэмнэрэ тосхойдо, — диэн холбоһук салайааччыта Алексей Алексеевич Потапов санаатын үллэһиннэ.
Кэнсиэр киириитэ босхо. Күнүс 2 чаастан саҕаланар. Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин, барыгытын бу күһүҥҥү дьүрүскэҥҥэ куустаран, тэҥҥэ ыллаһан, үҥкүүлээн, санааҕытын көтөҕөн бараргытыгар ыҥырабыт!
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропуордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…