Пальмира Петрова: «Михаил Николаев доруобуйа харыстабылыгар үгүһү оҥорбута»

Share

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинискэй институтун профессора Пальмира Петрова сүүрбэ сыл институту салайбыта.

«Михаил Ефимовичтыын үлэбитинэн 80-с сыллартан билсэр этибит. Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэбитигэр үрдүк мэдиссиинискэй үөрэх сайдарыгар үгүһү оҥорбута. Бастаан үлэлиирбитигэр үчүгэй баазабыт да суоҕа. Михаил Ефимович кылгас кэм иһигэр Мэдиссиинэ национальнай киинин туттарбыта. Онон мэдиссиинэ сайдарыгар уонна каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ олук уурбута. Ол иннинэ биһиги эмтиир дьыалаҕа эрэ исписэлиистэри бэлэмниир буоллахпытына, аныгылыы киин баар буолуоҕуттан атын идэлэр сайдыбыттара. Билигин биһиэхэ стоматология, педиатрия кафедрата, сиэстирэлэри бэлэмниир үрдүк үөрэх, фармацевтическай, медико-профилактическай хайысхалар бааллар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр мэдиссиинэҕэ наадалаах барыта баар.

Михаил Ефимович нэһилиэнньэ доруобуйатыгар олус кыһаллара. Кини бастакы ыйаахтара доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах этилэр. Кини ыччаты кытта, тэрилтэлэр кэлэктииптэрин, преподавателлэри кытта өрүү көрсөрө. Онно куруук улахан сыаллары туруорара, дьону элбэҕи ситиһэргэ ностуруойдуура. Маныаха кини дьулуура уонна сиэрдээх майгыта-сигилитэ суолталаах дии саныыбын», — диэн Пальмира Петрова бэлиэтиир.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago