«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай киэргэли оҥоруу бырайаыгынан кыттан Петр Артемьев кыайыылааҕынан таҕыста. Кини бэйэтин дьыалатын аһарыгар харчынан грант ылла.
Үөрэх кэмигэр бырайыак кыттааччылара бэйэлэрин дьыалаларын аһарга уонна сайыннарарга наадалаах киэҥ билиини ыллылар диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бырагыраама чэрчитинэн, кыттааччылар дьыалабыай көрсүһүүлэргэ кытыннылар, биисинэс-трениннэргэ, «Мой бизнес» киин экспердэрин уонна преподавателлэрин лиэксийэлэрин иһиттилэр уонна бырайыактары оҥорууга үөрэннилэр.
Экспертнай хамыыһыйа быһаарыытынан, саамай элбэх баалы хомуйан, Петр Артемьев 150 000 солкуобай суумалаах граны ылла. Кини тимиринэн уһанар мастарыскыайы аһар бырайыагы оҥорбут.
Кыайыылаах бэлиэтээбитинэн, «Папа-предприниматель» бырагыраама киниэхэ биисинэс астарыгар төһүү буолуоҕа. Билигин кини иннигэр чуолкай сыал-сорук турар – урбаанньыт буолан, бэйэ дьыалатын аһыы.
«Мин бу бырайыагы үс сыллааҕыта толкуйдаабытым, ол эрээри ол кэмҥэ миэхэ наадалаах инструменнар, билиим уонна информация суох этэ. Бырагыраама туһунан билэн баран, бэйэбин бэрэбиэркэлииргэ сайабылыанньа биэрбитим, билигин сөптөөх суолунан баран иһэбин диэн эрэллээхпин. Атын кыттааччылары кытта сибээһи тутуом, тоҕо диэтэххэ, билигин биһиги биир хамаанда курдукпут. «Мой бизнес» киин бүтүн кэллэктиибигэр дириҥ махталбын тиэрдэбин. Быргыраама олус туһалаах, киһини угуйар эбит», — диэн кыайыылаах Петр Артемьев санаатын үллэһиннэ.
«Мой бизнес» киин генеральнай дириэктэрэ Зоя Седалищева бырагыраама саҥардыллыбытын, ону тэҥэ саҥа соруктар тустарынан кэпсээтэ.
«Быйыл сорох уларытыылары киллэрдибит – урукку биэс күннээх бырагырааманы кэҥэтэн, биир ыйга диэри уһаттыбыт. Бу күннэри биһиги бары бииргэ атаардыбыт. «Мой бизнес» киин табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ дьулуһар», — диэтэ Зоя Седалищева.
Оттон Экспертнай хамыыһыйа чилиэнэ, 1-кы №-дээх корпорация генеральнай дириэктэрэ Сергей Быков бары бырайыактар интэриэһинэйдэрин уонна ситиһиилээх биисинэстэр олоххо киирэр кыахтаахтарын тоһоҕолоото бэлиэтээтэ.
«Мин эмиэ үс сыллааҕыта үөрэхпин бүтэрэн, «Мой бизнес» көмөтүнэн бэйэм дьыалабын астыбытым. Үөрэххэ билиини ылан иҥэриммитим. Бүгүҥҥү кыттааччылар бырайыактара барылара да үчүгэйдэр. Аҕалар биисинэс-былааннары баһылаабыттара, үөрэппиттэрэ уонна чинчийиилэри ыыппыттара көстөр, уопут ханнык да харчыттан ордук суолталаах. Кинилэргэ биири баҕарыам этэ: ситиһиини баҕарар буоллаххытына, араас кыахтары көрдөөҥ, боруобалааҥ уонна билбэккититтэн куттанымаҥ”, — диэтэ кини.
Тэрээһин, куонкурустар, судаарыстыбаннай өйөбүл, быыстапкалар тустарынан билиэххитин баҕарар буоллаххытына, Телеграм, ВКонтакте, Одноклассники, Мойбизнес14.рф порталга киирэн көрүҥ эбэтэр: 8(800)100-58-80 төлөпүөҥҥэ эрийэн билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: